Иһинээҕитигэр көс

От ыйын 7

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

От ыйын 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 188-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 189-c күнэ). Сыл бүтүө 177 күн баар.

  • Япония ЯпонияТанабата диэн таптал бэстибээлэ (урукку аата Сулус бэстибээлэ) ыытыллар. Үһүйээн быһыытынан, бу эрэ түүн таптаспыт сулустар көрсөр кыахтаахтар эбит.
  • Соломон Арыылара Соломон Арыылара — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан 1978 с.)
  • Танзания Танзания — Саба-Саба (суахили тылыгар "сэттэ-сэттэ" — сэттис ый сэттис күнэ), 1954 сыллаахха Танзанияны сомоҕолообут бэлиитикэ баартыйата үөскэбит күнэ (TANU, Танганьикатааҕы Африка дойдуларын сойууһа)
  • Илиҥҥи славяннарга Иван Купала түүнүн бэлиэтииллэр. Бурдук ыһар омуктарга былыр былыргыттан, христианство тарҕаныан инниттэн ураты суолталаах этэ. Бу түүн иччилэр күүһүрэр түүннэрин быһыытынан ааҕыллара, ону утарсан эбэтэр төттөрүтүн сөбүлэһэн, ыччат элбэх дьээбэни-хообону оҥороро. Кыыс уонна дьахтар атын киһини кытта сылдьара бобуллубата.
  • Сакалаат аан дойдутааҕы күнэ. Аан бастаан 2009 сыллаахха бэлиэтэммит, сорохтор этэллэринэн бу күн 1550 сыллаахха сакалааты Европаҕа аҕалбыттар.
  • 1445Улуу Мухаммед диэн Казань хаанын уолаттара Махмуд уонна Якуб Москуба улуу кинээһин Василий II Хараҥа (Темный) сэриитин Суздаль аттыгар үлтүрүппүттэр, бэйэтин билиэн ылбыттар. Улуу кинээс титула онон кини аймаҕар Дмитрий Шемяка диэн киһиэхэ быстах кэмҥэ көспүт.
  • 1520 — Отумба кыргыһыыта: 2 тыһ. кэриҥэ киһилээх Испания конкистадордарын уонна кыттыгастаах индеецтэрин сэриитэ 20 тыһ. киһилээх ацтек сэриитин кыайбыт. Ацтектар төһө да элбэхтэрин иһин, 23 эрэ аттаах, тимир куйахтаах рыцардарга кыайан утарыласпатахтар.
  • 1807 — Арассыыйа уонна Франция ыккардыларыгар Тильзит эйэ сөбүлэҥэ түһэрсиллибит. Европа атын дойдулара уустук турукка киирбиттэрэ. Икки бөдөҥ аармыйалаах дойду бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөргө быһаарбыттара. Франция Арассыыйаҕа Осмаан Импиэрийэтин утары көмөлөһүөх буолбута. Оттон Арассыыйа Британияны утарар Европа коалициятыгар киириэх буолбута. Наполеон ону таһынан Александр ыраахтааҕыттан Англияны утары сэриини саҕалыырын уонна Финляндияҕа өрө турууну күөртээн Швецияны Европа колаициятыгар киирэргэ күһэйэригэр сөбүлэһиннэрбитэ. Ыраахтааҕы Валахияттан уонна Молдавияттан бэйэтин сэриилэрин таһаарыах буолбута (нуучча-туурак 1806-1812 сс. сэриитин кэмигэр былдьаабыт сирдэрин). Нуучча адмираллара Ушаков уонна Сенявин ылбыт Ионическай арыылара уонна Котор (Cattaro) Францияҕа бэриллиэхтээхтэрэ. Ол оннугар Наполеон Ольденбург Герцогствотыгар уонна атын ыраахтааҕы ньиэмэс аймахтара салайар кыра судаарыстыбаларыгар суверенитет гарантиялаабыта.
  • 1898 — АХШ бэрэсидьиэнэ Уильям Мак-Кинли Ньюлендс резолюциятыгар илии баттаабыт, бу докумуонунан Гавай арыылара АХШ-ка холбоммуттар.
  • 1911АХШ, Улуу Британия (Канаада аатыттан), Дьоппуон уонна Арассыыйа "Чуумпу далайдааҕы Түлүөн Тириитин Хотугу Конвенциятын" түһэрсибиттэр. Аһаҕас байҕалга булт бобуллубут, ол эрээри туорааһын быһыытынан олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарга көҥүллэмит. Бу айылҕа кыылын харыстыырга бастакы дойдулар ыккардыларынааҕы дуогабар.
  • 1937Пекин куоратыгар Марко Поло (Лугоу) күргэтин инциденэ буолбут. Маны Дьоппуон Импиэрийэтэ сылтах оҥостон Иккис Дьоппуон-Кытай сэриитин саҕалаабыт.
  • 1958Аляска судаарыстыбаннаһын туһунан сокуоҥҥа АХШ бэрэсидьиэнэ Дуайт Д. Эйзенхауэр илии баттаабыт. Онон 1959 сыл тохсунньу 3 күнүгэр Аляска туспа конституциялаах, сууттаах, полициялаах, нолуоктаах 49-с штаат буолбут.
  • 1966Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ аан бастаан туттарыллыбыт. Бастакы лауреатынан график-худуоһунньук Афанасий Мунхалов буолбут. Дьоно бары Чурапчы көһөрүүтүгэр өлбүттэрэ, онон оҕо дьиэтигэр улааппыта.
  • 1980Ирааҥҥа шариаты киллэрбиттэр.
  • 1993 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Николай Терешкин диэн киһини сэрии кэмигэр Бэрдьигэстээх таһыгар саахалламмыт сөмүлүөккэ баар дьону быыһаабытын иһин «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыт (өлбүтүн кэннэ).
  • 2000 — Икки палааталаах Ил Түмэн (салайааччылар Василий Филиппов уонна Николай Соломов) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар тоҕус «федеральнай» уларытыыны оҥорбут. Элбэх ыстатыйаҕа РФ конституциятын уонна кини бастыыр оруолун ахтар буолбуттар. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ тас ситимнэрин МИД хонтуруоллуур буолбут, СӨ бэрэсидьиэнэ сэбилэниилээх күүстэргэ дьайар кыаҕа суох буолбут. Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ нолуогун РФ бүддьүөтүгэр ыытар кээмэйин быһаарара тохтообут, онон бүддьүөт уонна нолуок бэлиитикэтэ федерация таһымыгар оҥоһуллар буолбут.
  • 2007 — "Аан дойду саҥа дьиктилэрин" куоластааһынынан талбыттар. Кыайыылаах баараҕай тутуулар: Колизей, Кытай улуу эркинэ, Мачу-Пикчу, Петра, Тадж Махал, Христос Өрөһүйээччи статуята (Рио де Жанейро), Чичен-Ица.
  • 1919 — Илья Гурвич (12.03.1992 өлб.) — аҕыйах ахсааннаах омуктары чинчийбит этнограф, устуоруйа билимин дуоктара, ССРС Государственнай бириэмийэтин лауреата. Эдэр сылдьан МГУ-ну бүтэрээт сэрии кэмигэр 1941—1946 сс. Өлөөҥҥө оскуола дириэктэринэн үлэлээбит.
  • 1932 — Чурапчы Арыылааҕар Иннокентий Потапов (2005 өлб.) — худуоһунньук, РСФСР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Ойуунускай аатынан Ил бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа художествотын академиятын чилиэнэ, ССРС наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ.
  • 1946 — Бүлүү куоракка Анатолий Алексеев — СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ НА дьиҥнээх чилиэнэ, ГЧИ дириэктэрэ, устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр.
  • 1947Валентина Самсонова, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1990-2016 сылларга Саха Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ[1].
  • 1950 — Мэҥэ Мооругар Михаил Апросимов — дыраама тыйаатырын, киинэ артыыһа, суруйааччы. СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
  • 1952Орхан Памуктуурак аныгы суруйааччыта, дойду иһинэн, ону таһынан аан дойду таһымынан литэрэтиирэҕэ бириэмийэлэр лауреаттара. 2006 сыллаахха литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтин лауреата буолбута.
  • 1976 — Лия Роббек — олоҥхону чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
  • 1932Кырыымҥа быстардык дьадайан, куртах раагыттан суруйааччы Александр Грин өлбүт. Кини 1880 сыллаахха Вяткаҕа төрөөбүтэ (аҕата поляк эпиһиэрэ, ийэтэ нуучча сиэстэрэтэ). Айымньыларыгар мүччүргэннээх сырыылары, ыраах байҕалларга айаны, үрдүк тапталы ойуулуура.
  • 1892Иван Черскэй1863 сыллаахха поляктар Арассыыйа импиэрийэтин утары өрө турууларыгар кыттыбытын иһин Сибииргэ көскө олорбут, Сибиири чинчийээччи, геолог. Кэлин Саха сирин хотугулуу-илин өттүн чинчийбитэ, ол сылдьан Халымаҕа өлбүтэ. Кини аатынан улахан хайа сиһэ уонна Аллараа Халыма улууһун киинэ ааттаммыттара.


  1. https://new.nlrs.ru/news/8079