Иһинээҕитигэр көс

Олунньу 4

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олунньу 4 диэн Григориан халандаарыгар сыл 35-с күнэ. Сыл бүтүө 330 күн (ордук хонуктаах сылга 331 күн) баар.

  • Араак ыарыыны утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ
  • Ангола Ангола — Сэбилэниилээх утарсыы күнэ. 1961 сыллаахха тутулуга суох буолуу иһин охсуһуу саҕаланыытын бэлиэтииллэр
  • Шри-Ланка Шри-Ланка — Тутулуга суох буолуу күнэ (1948, Британияттан)
  • Япония Япония — Риссюн — Саас саҕаланыыта (Саҥа дьыл)
  • Калифорния Калифорния, Миссури Миссури (АХШ) — Роза Паркс күнэ. Икки штаакка төрөөбүт күнүгэр (бүгүн), үс штаакка хаайыллыбыт күнүгэр (ахсынньы 1) бэлиэтэнэр. Роза Паркс 1955 сыллаахха АХШ-ка тирии өҥүнэн көрөн дьону араарар сокуону оптуобуска соруйан кэспитэ
  • 960Кытайга генерал Чжао Куанъинь импэрээтэр буолбут, Тай-цзу диэн аат ылбыт. Кини олохтообут Сун динээстийэтэ маҥнай Кытайы барытын, онтон кэлин Кытай соҕуруу өттүн үс үйэ тухары салайбыта.
  • 1789АХШ бастакы бэрэсидьиэнинэн Джордж Вашингтон талыллыбыт.
  • 1810 — Наполеон сэриилэрэ: Улуу Британия Гваделупаны баһылаабыт.
  • 1859Эгиипэккэ Синаай кодексын булбуттар.
  • 1899Филиппиин-Америка сэриитэ саҕаламмыт. Испания былааһыттан АХШ көмөтүнэн саҥа босхоломмут Филиппиин арыыларыгар АХШ бэйэтэ саба түспүт уонна сотору кэминэн Филиппиини протекторат оҥостубут.
  • 1904Дьоппуоҥҥа кистэлэҥ сүбэ уонна миниистирдэр хомуур мунньахтарыгар Арассыыйаны утары Мончууруйа уонна Кэриэйэ тустарыгар сэрии саҕалыырга быһаарыллыбыт.
  • 1918 — Саха оробуочайдарын сойууһун уопсай мунньаҕа бассабыыктары утарарын туһунан өрөсөлүүссүйэ ылыммыт: "Эйэлээх саха оробуочайдара бассабыык хамсааһынын сөбүлээбэттэр, уопсастыба олоҕор сатарыйыыны уонна талбытынан дьаһайыыны (произвол) үөскэтэрин уонна улуу Арассыыйа ыһыллыытыгар-эстиитигэр тиэрдэрин иһин."
  • 1921 — Барон Унгерн Монголия киин куоратын Урганы (монг. Өргөө — уораҕай) сэриилээн ылбыт уонна кытайдартан босхолообут.
  • 1932 — Иккис Кытай-Дьоппуон сэриитин кэмигэр 10 күннээх көмүскэнии кэнниттэн дьоппуоннарга Харбинбэриллибит.
  • 1938 — Адольф Гитлер бэйэтин сэбилэниилээх күүстэр баһылыктарынан анаммыт.
  • 1945Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Крымҥа Йалтатааҕы кэмпириэнсийэ аһыллыбыт. Кэмпириэнсийэҕэ Рузвельт, Черчилль уонна Сталин Германия көпүтүлээссийэтин уонна кинини түөрт оккупация түөлбэтигэр араарыыны ырыппыттар. Ону кытары Польша дьылҕата, ХНТ тэриллиитэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоппуону утары сэриигэ кыттыһыыта уонна Кэриэйэ 38-с параллелинэн икки зонаҕа аҥаарданыыта кэпсэтиллибиттэр.
  • 1948 — Цейлон (Шри-Ланка диэн ааттаммыта) Биритээнньийэ Холбоһугар киирэр тутулуга суох дойду буолбут.
  • 1976Гватемалаҕа уонна Гондураска буолбут сир хамсааһыныгар 22 000 тахса киһи өлбүт.
  • 1992Венесуэла бэрэсидьиэнин Карлос Андрес Переһы Уго Чавес күүһүнэн былаастан туораппыт.
  • 2000Парижка араак ыарыыны утары саҥа тыһыынча сылга охсуһуу саммита буолбут. Франция бэрэсидьиэнэ Жак Ширак уонна ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ Коитиро Мацуура Парижтааҕы хартияҕа илии баттаабыттар.
  • 2004Амыарыкаҕа Гарвард үнүбүрсүөтүн устудьуоннара Марк Цукерберг уонна Эдуардо Саверин Фэйсбук түмэт-ситими (социальная сеть) олохтообуттар.
  • 2023 — Дьокуускайга Хатас аттыгар Речевой оскуола уонна кини интэринээтин саҥа таас дьиэлэрэ үлэҕэ киирбит. Бу иннинэ оскуола 1964 сыллаахха тутуллубут эргэ мас дьиэҕэ үлэлии олорбута. Манна бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн мунньан сатаан саҥарбат 120 оҕону үөрэтэллэр[1].


  1. Республиканская речевая школа справила долгожданное новоселье