Ахсынньы 8
Тас көрүҥэ
Ахсынньы 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 342-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 343-c күнэ). Сыл бүтүө 23 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Албания — Дойду ыччатын күнэ
- Кууба (дойду), Кариком (Кариб холбоһуга) — Кууба күнэ, Кууба Кариб дойдуларын кытта үгэс курдук сылаас сыһыанын кэрэһилээн (биллэрин курдук Куубаны элбэх дойду XX үйэ икки аҥаарыгар билиммэт этэ) 2002 сыллаахтан бэлиэтэнэр
- Румыния — Конституция күнэ
- Узбекистан — Конституция күнэ
- Финляндия — Ян Сибелиус уонна фиинн музыкатын күнэ
- Фолкленд арыылара — Кыргыһыы күнэ. 1914 сыллаахха Британия уонна Германия флоттара арыыны баһылыыр иһин кыргыспыттар
- Япония — Бодхи күнэ (Будда өйүн сырдааһынын күнэ)
- Япония (Киото уонна Кансай эрэгийиэннэргэ) — Хари-Куйо. Тостубут иннэ күнэ, бу күн иистэнэр сатабылы тупсарыы күнүнэн ааҕаллар, синтоистар уонна буддистар ол туһугар таҥараҕа үҥэллэр. Канто эрэгийиэҥҥэ олунньу 8 күнүгэр бэлиэтииллэр.
- Аньыыта суох айыллыы күнэ (нууч. День непорочного зачатия) — католицизм уонна протестантизм тарҕаммыт сорох дойдутугар судаарыстыба бэлиэтиир күнэ. Бу күн кэнниттэн тоҕус ый буолан баран Таҥара Ийэтин ороһооспотун (төрөөбүт күнүн) бэлиэтииллэр
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1854 — Иисус Христос ийэтэ Мария оҕотун эрэ аньыыта-харата суох үөскэппит буолбакка, бэйэтэ эмиэ оннук үөскээбитин туһунан догманы папа Пий IX эппит.
- 1914 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Британия флотун эскадрата Германия импиэрийэтин эскадратын Илин Азияҕа Фолкленд арыыларын иһин кыргыһыыга урусхаллаабыт.
- 1941 — Перл-Харборга АХШ флотун урусхаллааһын сарсыныгар Дьоппуон сэриилэрэ Европа импиэрийэлэрин Азиятааҕы холуонньаларыгар биир бириэмэҕэ саба түспүттэр. Ол иһигэр Шанхайдааҕы дойдулар ардыларынааҕы олохсуйууга, Малайзияҕа, Сингапурга, Гонкоҥҥа, Таилаҥҥа уонна Филиппиныга. Өссө биир нэдиэлэнэн Голландия Ост-Ииндийэтигэр (Индонезияҕа ) сэриинэн барбыттара. Түөрт сылынан Аан дойду иккис сэриитигэр Дьоппуон кыайтарбытын кэннэ колонизатордар ити дойдуларга төннө сатаабыттара да кыаллыбатаҕа.
- 1955 — Европа Сүбэтэ Европа былааҕын ылыммыт.
- 1974 — Плебисцит түмүгүнэн Греция монархия буолан бүппүт.
- 1980 — Нью-Йорка "Битлз" бөлөх салайааччытын Джон Ленноны Чепмен өлөрбүт.
- 1989 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин 11 ыҥырыытын XIII сиэссийэтигэр Михаил Николаев САССР Үрдүкү сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
- 1991 — Беловежскай ойуурга ССРС суох буолуутун туһунан сөбүлэҥҥэ үс союзнай өрөспүүбүлүкэ баһылыктара илии баттаабыттар: Арассыыйаттан Борис Ельцин, Беларусьтан Станислав Шушкевич, Украинаттан Леонид Кравчук. Сэбиэскэй Сойуус оннугар Тутулуга суох иллэр сомоҕолоһуулара (СНГ) тэриллибит.
- 1999 — Москубаҕа Арассыыйа уонна Беларусь холбоһуктаах судаарыстыбаларын тэрийии туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Бу тэриллиигэ судаарыстыбаннай сэкиритээринэн Бүлүү райсоветын сэкиритээрэ уонна Дьокуускай баһылыга буола сылдьыбыт Павел Бородин анаммыта уонна 2011 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.
- 2008
- Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ ааты ылбыт.
- "Беркакит-Томмот-Дьокуускай" тимир суолга Амманы туоруур күргэ аһыллыбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1865 — Ян Сибелиус — биллиилээх фиинн композитора, дирижёр, педагог.
- 1918 — Яков Кычкин — Саха драматическай-музыкальнай тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа. Кини аата дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Маттатын кулуубугар иҥэриллэн турар.
- 1921 — Фёдор Попов (13.10.1943 өлб.) — сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык киһитэ (1985).
- 1935 — Варвара (Ая) Яковлева — опера ырыаһыта, педагог, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
- 1962 — Римма Васильева — филология билимин хандьыдаата.
- 1981 — Дьокуускайга Николай Бугаев — СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэстээтэлэ, Ем. Ярославскай аатынан Хотугу омуктар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин дириэктэрэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1962 — Николай Тарскай (1924 төр.) — Саха Сиригэр физкультураҕа күргүөмнээх хамсааһыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдарыгар сүҥкэн өҥөнү оҥорбут киһи, 1955—1959 сылларга Саха АССР спорткомитетын салайааччыта.
- 1991 — Николай Габышев (10.04.1922 төр.) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматуур, тылбаасчыт. Анекдокка майгынныыр "Ытыс саҕа кэпсээннэрэ" 80-с сс. саха ыалын аайы баара.
|