Иһинээҕитигэр көс

Тохсунньу 18

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тохсунньу 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 18-с күнэ. Сыл бүтүө 347 күн (ордук хонуктаах сылга 348 күн) баар.

  • АХШ АХШМартин Лютер Кинг күнэ
  • Таиланд Таиланд — Дойду сэбилэниилээх күүстэрин күнэ. 1591 сыллаахха бу күн Сиам хоруола Наресуан Бирма хоруолун уолун Мингьи Сва диэн киһини биир бииргэ киирсиигэ кыайбыт.
  • 1654Украинаҕа Переяслав раадата буолбут. Онно Запорожье сэриитин сирэ-уота Нуучча саарыстыбатыгар холбоһорун туһунан быһаарыы ылыллыбыт.
  • 1699Москубаттан Сибииргэ бастакы почта айаннаабыт, ол иһигэр биир сурук Дьокуускайга ыытыллыбыт.
  • 1701Фридрих I Пруссия хоруола буолбут, Кенигсберг куоракка бэргэһэлэммит.
  • 1778Англия байҕалынан айанньыта Джеймс Кук Чуумпу далайга Гавайи арыыларын арыйбыт уонна Сандвич арыылара диэн ааттаабыт.
  • 1825Москубаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга Большой тыйаатыр саҥа дьиэтэ аһыллыбыт.
  • 1908 — В. К. Арсеньев 1907 сыллааҕы эспэдииссийэтэ — Сихотэ-Алинь иккис эспэдииссийэтэ түмүктэммит.
  • 1911АХШ-ка Юджин Б. Эли диэн лүөччүк Сан-Франциско хомотугар турар байыаннай хараабылга сөмөлүөтүн олордубут. Бу устуоруйаҕа бастакы хараабылга сөмүлүөт олоруута.
  • 1919Аан дойду бастакы сэриитэ: Парижтааҕы эйэлэһэр кэмпириэнсийэ Версальга аһыллыбыт.
    • Игнаций Ян Падеревскай саҥа тутулуга суох Польша премьер-миниистирэ буолбут.
  • 1928Михаил Артемьев этэрээтэ билиҥҥи Уус-Майа улууһун Петропавловскай сэлиэнньэтиттэн үс биэрэстэлээх сиргэ тохтообут. Манна ОГПУ хаайыытыгар сытар Павел Ксенофонтов эйэлэһэргэ ыҥырар суругун кыһыллартан туппуттар. Уонна хоруйдарыгар суруйбуттар: "Хааны тоҕуохпутун баҕарбаппыт, кэпсэтэртэн батыммаппыт".
  • 1943Ленинград блокадата көҥү көтүллүбүт. Ол эрэн блокада өссө биир сылынан биирдэ толору көтүрүллүбүтэ.
    • Варшава геттотугар өрө туруу: Дьэбириэйдэр бастакы өрө туруулара буолбут.
  • 1945 — Кыһыл аармыйа Польша Краков куоратын босхолообут.
  • 1957Дьокуускайга Геология института тэриллибит. Билигин — Алмаас уонна күндү металлар геологияларын института.
  • 1963 — ССРС Киин тэлэбиидэнньэтин Оҕолорго аналлаах сүрүн эрэдээксийэтэ олохтоммут (Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтин төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар).
  • 1967 — Таас Үрэххэ Саха сирин аныгы устуоруйатыгар саамай улахан сир хамсааһына буолбут. Хамсааһын үөһэ сир анныгар 13 км аллара баар этэ, 900 тыһ. квадратнай км сиргэ биллибитэ, Чита уонна Амыр уобластарыгар тиийбитэ. Эпицентрыгар 9—10 баал буолуо диэн сабаҕалыыллар. Мас бөҕө охтубута, үрэх мууһа хамсаабыта. Эпициентртан ордук чугас сытар Уус-Нүкдьэ бөһүөлэккэ дьиэлэр уонна мастар биэтэҥнээбиттэрэ, оһохторо хайдыталаабыта, дьиэлэр үрдүлэритттэн уонна эркиннэриттэн штукатурка сууллан түспүтэ. Тыас хас да чаас тохтообокко куугунаабыта[1].
  • 1974Израиль уонна Эгиипэт бырабыыталыстыбалара сэбилэниилээх күүстэри араарар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаан Суут күнүн сэриитин түмүктээбиттэр.
  • 1981 — Фил Смит уонна Фил Мэйфилд Хьюстоҥҥа баар небоскребтан парашууттаах ыстанан BASE-ыстаныытын түөрт эбийиэктэриттэн барыларыттан ыстаммыт бастакы дьон буолбуттар: дьиэттэн, антеннаттан, күргэттэн уонна сиртэн (туруук таастан).
  • 1993Мартин Лютер Кинг-балыс күнэ аан бастаан АХШ бары 50 штааттарыгар бэлиэтэммит.
  • 2008 — Евфрониос кратера (иһиэх иннинэ арыгыны ууну кытта булкуйарга аналлаах иһит) диэн Былыргы Грецияҕа оҥоһуллубут туой иһит Римҥэ көрдөрүүгэ тахсыбыт. Бу иннинэ АХШ Метрополитен түмэлигэр көрдөрүүгэ турбута, Италияҕа уоруллубут оҥоһуктары төннөрүү бырагырааматынан төннөрүллүбүтэ.


  1. К.К. Стручков, В.Н. Руквоич, М.Л. Мельцер Геология: пособие для школьников: в 2-х т.. — Якутск: Сайдам, 2005, 2008. — Т. 1. — С. 86. — 240 с. — 3000 экз. — ISBN 5-98671-011-8