Сэтинньи 12
Тас көрүҥэ
Сэтинньи 12 диэн Григориан халандаарыгар сыл 316-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 317-c күнэ). Сыл бүтүө 49 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аан дойдутааҕы сэбиргэхтэтиини (пневмонияны) утары охсуһуу күнэ
- Азербайджан — Төрүт сокуон күнэ
- Индонезия — Аҕа күнэ
- Индонезия — Чөл турук күнэ
- Илин Тимор — Ыччат күнэ
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань) — Сунь Ятсен төрөөбүт күнэ, ону кытары Быраастар күннэрэ уонна Култуура чөлүгэр түһүүтүн күнэ
- Арассыыйа — Сбербаан күнэ. Бу күн (уруккунан алтынньы 30) 1841 сыллаахха Николай I Арассыыйа импиэрийэтигэр мунньар каассалары арыйар туһунан ыйаах таһаарбыт[1]
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1847 — хлороформу анестетик (ыарыыны уталытар эмп) быһыытынан туттууну дьоҥҥо аан бастаан Эдинбург университетыгар Джеймс Симпсон көрдөрбүт.
- 1888 — Франция Лилль куоратыгар бэчээт үлэһиттэрин бырааһынньыгар «Интернационал» диэн кэлин аатырбыт ырыаны аан бастаан ыллаабыттар.
- 1927 — Троцкай уонна Зиновьев ВКП(б) кэккэтиттэн уһуллубуттар.
- 1933 — Германия Түмэнигэр быыбар түмүгэр 92% куолаһы нацистар баартыйалара ылбыт.
- 1940 — Аан дойду иккис сэриитэ: ССРС тас дьыалаларын миниистирэ Вячеслав Молотов Берлииҥҥэ тиийбит. Икки хонук устата сүнньүнэн Риббентроптуун кэпсэппит уонна иккитэ Гитлердыын көрсүбүт. Британияны утары сэрии туһунан, Туурсуйаны кытта биир тылы булууну, Финляндия, Бессарабия, Болгария, Ираан дьылҕаларын ырыппыттар. Сэбиэскэй Сойуус үс дойду (Германия, Япония, Италия) холбоһугар киирэрин туһунан кэпсэтэ сатаабыттар да, Финляндияны уонна Буковинаны былдьаһан биир тылга киирсибэтэхтэр.
- 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: Москуба аттыгар ол сыл аан бастаан тымныйыы буолбут (−12° C), сылаас таҥаһа суох ньиэмэстэри утары Кыһыл аармыйа хайыһардаах чаастарын бырахпыттар.
- 1941 — Аан дойду иккис сэриитэ: сэбиэскэй «Червона Украина» кириэйсэр Севастополь иһин кыргыһыы кэмигэр тимирбит.
- 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: Гуадалканал иһин үс хонуктаах байҕал кыргыһыыта АХШ уонна Дьоппуон сэриилэрин ыккардыгар саҕаламмыт. Дьоппуоннар кыайтарбыттар.
- 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: Британия салгын сэбилэниилээх күүстэрэ 29 "Авро Ланкастер" (Avro Lancaster) бомбардировщигы ыытан, "Тирпиц" (Tirpitz) диэн ньиэмэс сүүнэ линкорун Тромсё (Норвегия) аттыгар тимирдибиттэр.
- 1948 — Токиоҕа дойдулар ардыларынааҕы байыаннай түрүбүнээл сэттэ дьоппуон салайааччытын (ол иһигэр Хидеки Тодзё диэн генераалы) Иккис аан дойду сэриитигэр оҥорбут буруйдарын иһин өлөрөргө уурбут.
- 1982 — ССКП КК генеральнай сэкирэтээринэн өр сылларга КГБ-ны салайбыт Юрий Андропов буолбут. Сорох устуоруктар этэллэринэн, кыахтаах уонна өйдөөх салайааччы буолан, "улугуран" олорор дойдуга дириҥ уларытыылары саҕалаабыта, ол эрээри сылтан эрэ ордук буолан баран 1984 сыл олунньу 9 күнүгэр өлөн хаалбыта.
- 1988 — Ырыаһыт Ольга Иванова-Сидоркевич Киин тэлэбиидэнньэ экрааныттан бүтүн Сэбиэскэй Сойуус дьонун Амма өрүһүн быыһыырга көмөлөһөллөрүгэр ыҥырбыт.
- 1990 — Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума Дьокуускайдааҕы бибилитиэкэҕэ «национальнай» стаатус иҥэрбит.
- 1990 — Тим Бернерс-Ли Аан ситими тэрийэр туһунан этиитин бэчээттээбит.
- 2003 — Кытайга Shanghai Transrapid диэн магнитка дайар (маглев) пассажир пуойаһа аан дойду түргэн рекордун олохтообут — 501 км/час (311 миля/час).
- 2008 — Дьокуускайга Валерий Чкалов бүүһүн туруорбуттар. Чкалов манна 1936 сыл балаҕан ыйыгар Георгий Байдуковтуун, штурман Александр Беляковтуун АНТ-25 сөмүлүлүөтүнэн кэлэн ааспыттара. Маршруттара: Москуба аттынааҕы Жуковскай аэродрома — Игарка — Дьокуускай — Амуур өрүс төрдүгэр баар Удд арыы (билигин Чкалов арыыта).
- 2014 — Европатааҕы Космос Агентствотын Фила диэн түһэриллэр аппарата Розетта зондтан арахсан 67P / Чурюмов-Герасименко кометатыгар ситиһиилээхтик олорбут. Бу түгэн аан дойду устуоруйатыга бастакытын киһи оҥорбут аппарата комета ньууругар үктэниитинэн буолар.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1866 — Сунь Ятсен (1925 өлб.), — кытай революционера, Гоминьдан баартыйатын төрүттээччитэ, Кытайга саамай ытыктанар бэлиитикэ диэйэтэллэриттэн биирдэстэрэ.
- 1944 — Люция Нестерова — бэйиэт, олоҥхону, фольклору чинчийэр литературовед, филология билимин хандьыдаата.
- 1945 — Георгий Родионов — муосчут, ювелир, СӨ норуодунай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, педагогика билимин хандьыдаата.
- 1947 — Егор Шишигин — биллиилээх учуонай, кыраайы үөрэтээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата, 1976-1992 сылларга уонна 2003 сылтан ыла Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ.
- 1950 — Изабелла Николаева — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа.
- 1981 — Наталья Сивцева — Өксөкүлээх Өлөксөй үлэтин уонна саха тылын сиинтэксиһин чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1870 — Манчаары Баһылай көскө Марха улууһугар олорон 65 сааһыгар өлбүт — саха национальнай дьоруойа, саха литературатын бастакы айымньыларын сүрүн дьоруойа, норуокка киэҥник биллибит олоҥхоһут, тойуксут.
- 1931 — Виктор Васильев — Илин Сибиир омуктарын олохторун-дьаһахтарын чинчийбит этнограф, Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
|