Иһинээҕитигэр көс

1958 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: 1958 көстө)
Сыллар
1954 1955 1956 195719581959 1960 1961 1962
Уоннуу сыллар
1920-с 1930-с 1940-с1950-с1960-с 1970-с 1980-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1958 сыл.

  • Олунньу 1 — Бастакы Америка аргыһа «Эксплорер-1» ситиһиилээхтик космоска таһаарыллыбыт.
  • Олунньу 12Кытайга Кэскилгэ баараҕай ойуу бэлиитикэтин иһинэн тыа хаһаайыстыбатыгар буортулаах үөннэри утары охсуһуу хампаанньата саҕаламмыт. Ол курдук күтэрдэри, бырдаҕы, сахсырҕаны уонна барабыайдары кыдыйарга быһаарыллыбыт. Бу хампаанньа кытай омугар ыар түмүктээх буолбута — 20-тэн 40 мөлүйүөҥҥэ диэри киһи өлбүтэ.
  • Олунньу 21 — Англия уруһуйдьута Джеральд Холтом эйэ им бэлиэтин айбыт.
  • Бэс ыйын 8 — ССРС футболга хамаандата аан дойду чөмпүйэнээтигэр аан бастаан кыттыбыт, Англиялыын оонньоон 2:2 тэҥнэспит.
  • Бэс ыйын 16Имре Надь, Пал Малетер уонна Венгрия 1956 сыллааҕы өрө туруутун атын баһылыктара суутунан өлөрүллүбүттэр.
  • Атырдьах ыйын 9 — Кытайга Мао Цзэдун "Баараҕай көҥү көтүү" диэн ааттаммыт реформатын саҕалаабыт. Бу реформа сатамматаҕа, улахан алдьархайга тиэрдибитэ. 1958 сылтан 1962 сылга диэри официальнай дааннайынан 45 мөл. тахса киһи сутаан өлбүтэ.
  • Ахсынньы 18 — аан дойдуга бастакы сибээс спутнига Project SCORE орбитаҕа таһаарыллыбыт.
  • Ахсынньы 24 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан 8 сыллаах орто үөрэх баар буолбут, дойду үрдүнэн ПТУ-лар ситимнэрэ үөскээбит.

Болдьоҕо чопчуланыахтаах

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Соторутааҕыта реабилитацияламмыт Ойуунускай айымньыларын 7 туомнаах хомуурунньугуттан бастакы туома тахсыбыт. Сэттис туома 1962 сыллаахха тахсыбыта. Таһаарар хамыыһыйа бэрэстээтэлинэн Кулантай буолбута.
  • Ыам ыйын 21 — Дьокуускайга Надежда Федулова (Надежда Сайсарская), гобеленщик-худуоһунньук, живописец, 1993 с. РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ.