1945 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1945 көстө)
Сыллар |
---|
1941 1942 1943 1944 — 1945 — 1946 1947 1948 1949 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1945 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 10 — Туурак тылыгар алтынньы, сэтинньи, ахсынньы уонна тохсунньу ыйдар ааттара уларытыллыбыттар.
- Тохсунньу 12 — Сэбиэскэй Сойуус аармыйата Германияны утары улахан кимэн киирини саҕалаабыт.
- Тохсунньу 17 — 1-кы Белоруссия фронун чаастара уонна Войско польское 1-кы аармыйата Варшаваны босхолообуттар.
- Тохсунньу 18 — Кыһыл аармыйа Польша Краков куоратын босхолообут.
- Тохсунньу 20 — Германия Илин Пруссияттан дьону көһөрүүнү саҕалаабыт, икки ый тухары 1,8 мөл. киһи көспүтэ.
- Тохсунньу 21 — Москубаҕа ССРС Билимин Акадьыамыйатын Сүрүн ботсаада аһыллыбыт.
- Тохсунньу 27 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй 322-с стрелковай дивизия Освенцим-Биркенау тыыннаах хаалбыт хаайыылаахтарын босхолообут.
- Тохсунньу 30 — Александр Маринеску хапытааннаах сэбиэскэй С-13 подлодка Данциг аттыгар «Вильгельм Густлофф» диэн байыаннай соруктаах туттулла сылдьыбыт суперлайнеры тимирдибит (5,3 - 9,5 тыһ. киһи өлбүт).
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 3 — Аан дойду иккис сэриитэ: тыһыынча кэриҥэ истребитель өйөбүллээх АХШ 1500 бомбардировщига Берлин куораты буомбалаабыт. Буомбалааһын ньиэмэстэр 6-с тааҥкалаах аармыйалара илин фроҥҥа Берлининэн баран иһиилэрин тохтотор, уонна Сэбиэскэй аармыйа Одерга кимэн киириитин өйүүр бэлитиичэскэй соруктаах этэ. 2500-3000 кэриҥэ киһи өлбүтэ, 120 000 киһи дьиэтэ суох хаалбыта.
- Олунньу 4 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Крымҥа Йалтатааҕы кэмпириэнсийэ аһыллыбыт. Кэмпириэнсийэҕэ Рузвельт, Черчилль уонна Сталин Германия көпүтүлээссийэтин уонна кинини түөрт оккупация түөлбэтигэр араарыыны ырыппыттар. Ону кытары Польша дьылҕата, ХНТ тэриллиитэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоппуону утары сэриигэ кыттыһыыта уонна Кэриэйэ 38-с параллелинэн икки зонаҕа аҥаарданыыта кэпсэтиллибиттэр.
- Олунньу 8
- Аан дойду иккис сэриитэ: Британия уонна Канаада Рейн арҕаа кытылын ылар эпэрээһийэ саҕалаабыттар.
- Аан дойду иккис сэриитэ: Михаил Девятаев тоҕус сэбиэскэй билиэннэйдэри кытта Пенемюнде лааҕыртан "Хейнкель He 111" сөмүлүөтүнэн күрээбит.
- Олунньу 13 — Аан дойду иккис сэриитэ: Кыһыл аармыйа Будапешт куораты ылбыт, ньиэмэс уонна венгр сэриилэрэ бэриммиттэр.
- Олунньу 15 — Үөһээ Дьааҥы улууһун хомсомуоллара Николай Неустроев (хапытаан), Александр Афанасьев (политрук), Н.Баишев, П.Климовскай, Н.Слепцов, Г.Обутов, И.Слепцов Дьокуускайга тиийэр сыаллаах хайыһарынан туруммуттар. Сарсыарда 10 чааска араҕалларыгар -47° кыраадыс эбит. Төһө да тымныы күн-дьыл турдар кинилэр 2254 км барыахтаахтара. Сындалҕаннаах айан түмүгэр 14 хонугунан хамаанда этэҥҥэ Дьокуускайы булбута.
- Олунньу 16 — Аляскаҕа тэҥ быраап туһунан сокуон олоххо киирбит. Бу АХШ-ка ылыныллыбыт дискриминацияны утары бастакы сокуон.
- Олунньу 21 — Аан дойду иккис сэриитэ: Бразилия экспедиционнай корпуһа Италияҕа Монте-Кастелло аттынааҕы кыргыһыыга ньиэмэстэри кыайбыт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 1 — Аан дойдутааҕы харчы пуондата тэриллибит.
- Кулун тутар 2 — Саха АССР Совнаркомун 233 № уурааҕынан Дьокуускайдааҕы уус-уран училище тэриллибитэ. Тэрийиини Саха норуодунай худуоһунньуга Петр Романов көҕүлээбитэ.
- Кулун тутар 10 — Дьааҥы маҥнайгы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэриилэһэ сылдьар Илья Попов дьонугар Германияттан бу күн суруйбут суругар Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Илья Винокуровтан дьикти истиҥ уонна сиһилии суругу туппутун сөҕөн суруйбут. Ол сурукка өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Попов аҕата өрөбөлүүссүйэҕэ сыһыаннааҕын, убайа чиэһинэй большевигын ахтыбыт, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьааҥы олоҕун кэпсээбит. Ону таһынан билэр дьонноро тугу гыналларын, куоракка төһө дьиэ тутуллубутун сиһилии суруйбут эбит. Ол суругу дьонугар ыытыах буолбутун, ону бомбалааһыҥҥа түбэһэн туох баар малын кытта күдэҥҥэ көппүтүн кэпсээбит. Попов суруктара Верхоянскай куорат түмэлигэр харалла сыталлар.
- Кулун тутар 22 — Эгиипэт Каирыгар Араб Лигата тэриллибит.
- Кулун тутар 24 — сэрии иннинэ Алдан бириискэлэригэр үлэлээбит бүлүмүөччүк Семён Достоваловка, Якокут уот ситимин ыстаансыйатыгар силиэсэрдээбит, тааҥка хамандыыра Михаил Космачёвка, Алдан бириискэлэригэр үлэлээбит, Дьокуускайга тутууга үлэлээбит, аармыйаҕа сапердаабыт сержант Егор Шавкуновка уһулуччу хорсун быһыыларын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрбиттэр. Үһүөн бу иннинэ сэриигэ өлбүттэр. Дьокуускайга сэрии иннинэ уонна кэннэ милииссийэҕэ, холуобунай ирдэбилгэ үлэлээбит тааҥка батальонун хамандыыра Валентин Павловка эмиэ бу күн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрбиттэр. Бу киһи хас да уһулуччу ситиһиилэрин иһин, ол иһигэр хамаандалыыр батальона 300 массыыналаах ньиэмэс холуоннатын генералы кытта билиэн ылбытын иһин, тааҥкалартан бастакынан Одер өрүһү туораабытын иһин кэккэ уордьаннарынан наҕараадаламмыта.
- Кулун тутар 25 — Заливальде диэн нэһилиэнньэлээх пуун иһин кыргыһыыга лейтенант Кайгородов хамаандалыыр взвода өстөөх 4 пулеметун эспит, уонтан тахса өстөөҕү кыдыйбыт, 5 өстөөҕү билиэн туппут. Хорсун быһыытын иһин Нам улууһуттан төрүттээх Василий Кайгородов иккиһин Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыт.
- Кулун тутар 26 — Аан дойду иккис сэриитэ: Иводзима кыргыһыыта түмүктэммит.
- Кулун тутар 29 — Аан дойду иккис сэриитэ: Англияҕа бүтэһик Фау-1 ракеталар эстибиттэр.
- Кулун тутар 29 — Аан дойду иккис сэриитэ: ньиэмэс 4-с аармыйатын Сэбиэскэй аармыйа урусхаллаабыт.
- Кулун тутар 30 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй сэриилэр Австрияҕа киирбиттэр, Венаны ылбыттар. Ону таһынан Польша уонна ССРС сэбилэниилээх күүстэрэ Данциг куораты босхолообуттар.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 2 — Хоенштейн диэн нэһилиэнньэлээх пууну ылар иһин кыргыһыыга Тааттатан сылдьар Дмитрий Петров өстөөх пулеметтаах дзотугар ыга сыыллан тиийэн, гранаталарынан тамнаан суох гынар, батальон кыайыытын хааччыйар, бааһыран да баран сэрии хонуутуттан тахсыбат. Бу хорсун быһыытын иһин Албан аат уордьан I истиэпэнигэр түһэриллэн, уордьан толору кавалера буолар.
- Муус устар 5 — Сэбиэскэй Сойуус Японияны кытта 1941 сыллаахха кулун тутар 13 күнүгэр түһэрсибит саба түспэт туһунан сөбүлэҥин суох гыммыт (денонсация).
- Муус устар 5 — Ааллаах Үүнтэн сэриигэ ыҥырыллыбыт сержант Юрий Калашников Австрия киин куоратыттан Венаттан 10 км соҕуруулуу-арҕаа турар, Медлинг куораттан соҕуруу хайысхаҕа, пехота байыастарын кытта алта муостаны миинэлэртэн ыраастаабыта. Тус бэйэтэ 50-н тахса танканы эһэр миинэлэри уонна 15 атын миинэни уһулбута. Отделениетын салайан, гвардия сержана Калашников Гумпольдскирхен — Медлинг щоссеҕа алта, фугастарынан бөҕөргөтүллүбүт, баррикадалары көтүрэн, Австрия Медлинг куоратыгар биир бастакынан киирбиттэр. Бу хорсун быһыытын иһин Калашников бастакы Албан Аат уордьанынан наҕараадаламмыта. Сарсыныгар уонна биир нэдиэлэ иһигэр Вена куорат аттыгар өссө элбэх миинэлэри ыраастаан, уонна куоракка сэриилэһэн 3 өстөөҕү тус бэйэтэ өлөрөн иккис Албан Аат уордьанын ылбыта. Сэрии кэнниттэн 1949—1954 сс. Саха АССР Чульман бөһүөлэгэр милиция Тимптон оройуонун салаатын оперуполномоченнайынан үлэлээбитэ.
- Муус устар 6 — Кёнигсберг куораты ылыы саҕаламмыт.
- Муус устар 9 — маршал Василевскай сэриилэрэ Илин Пруссия киинин Кенигсберг куораты сэриилээн ылбыттар. Комендант Отто Ляш куорат капитуляциялаабытын туһунан аактаҕа илии баттаабыт. Бу уоттаах кыргыһыыга саха буойуттара кыттыыны ылбыттара.
- Муус устар 11
- Бухенвальд лааҕырын хаайыылаахтарын АХШ сэриилэрэ босхолообуттар
- «Джугджурзолототранс» үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыт сапер Юрий Калашников Вена Донау-каналын бастакынан туораабыт, 37 пехотаны эһэр миинэлэри көтүрэн, миинэлэммит хонууга ааһар суолу хааччыйбыт. Бу хорсун быһыытын иһин иккис Албан аат уордьанынан наҕараадалммыт.
- Муус устар 12 — өлүөн 6 хонук иннинэ сапердар взводтарын хамандыыра Бодойботтон төрүттээх саха уола Петр Тихонов бииргэ үөрэммит кыыһыгар аатырбыт артиллерист Протодьяконовы көрсөн, куустуһан, кыратык иһэн ааспыттарын суруйбут. Бу суруга «Социалистическая Якутия» хаһыакка 1982 с. бэчээттэммитэ.
- Муус устар 13 — 2-с уонна 3-с Украинскай фроннар уонна Болгария сэриилэрэ Вена куораты ылбыттар.
- Муус устар 17 — капитан Николай Чусовской хамаандалыыр батальона, өстөөх күүстээх утарсыытын самнаран, Зелов куорат (Берлинтэн илин) соҕуруу-илин өттүн ылбыт. Сатабылын уонна хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
- Муус устар 22 — Кыһыл аармыйа бастакы чаастара Берлиҥҥэ аан бастаан киирбиттэр, Берлини штурмалааһын бэлэмнэниитэ саҕаламмыт.
- Муус устар 24 — Ньурбаттан төрүттээх СГУ учуонайа Николай Самсонов балтыларыгар суруйбут суругар: «Манчжурияҕа сылдьабын, орто оскуола таһымынан үөрэниэн баҕалаахтар бойобуой уонна политическай бэлэмнэнии кэнниттэн үөрэниэхтэрин сөп диэн ыйыы кэллэ. Мин үөрэнэр санаалаахпын, а. э. 8—10 кылаастар матырыйаалларын хатылыыр» — диэбит. Санаттахха, бу дьоппуоннары утары сэриигэ кыттыан иннинэ Николай Георгиевич арҕаа фроҥҥа сэриилэспитэ.
- Муус устар 25
- Эльба өрүскэ Торгау аттыгар сэбиэскэй уонна АХШ аармыйалара үөрүүлээх көрсүһүүлэрэ буолбут.
- Хотугу Италияны босхолуур кэмитиэт ньиэмэс оккупациятын утары өрө турарга ыҥырбыт.
- Сан-Францискоҕа буолбут кэмпириэнсийэҕэ Холбоһуктаах Наассыйлар Тэрилтэлэрин олохтуур туһунан быһаарыы ылыныллыбыт.
- Ньиэмэс тиһэх чаастара Финляндия Лапландиятыттан чугуйбуттар.
- Муус устар 28 — Берлииҥҥэ Рейхстаагы ылыы саҕаламмыт.
- Муус устар 29 — Дахау концлааҕыр босхоломмут.
- Муус устар 30 — сапер, Албан аат уордьанын толору кавалера Ааллаах Үүн оскуолатын бүтэрбит Юрий Калашников Венаны ылыыга хорсун быһыытын иһин иккис Албан аат уордьанын ылбыт.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 1 — Берлин куоратыгар Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы былааҕа анньыллыбыт.
- Ыам ыйын 2 — Берлиҥҥа, Рейхстаг үрдүгэр ССРС былааҕа анньыллыбыт.
- Ыам ыйын 2 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй Сойуус Берлини ылбытын туһунан биллэрбит.
- Ыам ыйын 2 — Бүрээт-Монгол АССР-ын Совнаркома ыам ыйын 2 күнүгэр Эбилгэ дацаанын тутар туһунан уураах таһаарбыт. Санаттахха 30-с сыллартан буддизм ССРС-ка бобуулаах этэ.
- Ыам ыйын 5 — Голландияҕа баар ньиэмэс сэриилэрэ капитуляциялаабыттар.
- Ыам ыйын 5 — Прагаҕа ньиэмэстэри утары өрө туруу саҕаламмыт, Нуучча босхолуур аармыйатын 1-кы пехотнай дивизията бу өрө турууну өйөөбүт.
- Ыам ыйын 7 — Францияҕа союзниктар Германия капитуляциятын ылыммыттар (ССРС аатыттан генерал Суслопаров баттаабыта), ол докумуоҥҥа суруллубутунан капитуляция Европа орто кэминэн ыам ыйын 8 күнүгэр киэһэ 23.01 мүнүүтэҕэ олоххо киириэхтээҕэ. Бу кэмҥэ Москубаҕа ыам ыйын 9 күнэ түүн 1 чаас 01 мүнүүтэ буолуохтаах этэ. Ол эрээри, Сталин эйэни түһэрсии Германияҕа бэйэтигэр буолуохтаах, уонна аактаҕа атын үрдүк сололоох дьон илии баттыахтаахтар диэн модьуйбута. Союзниктар сөбүлэспиттэрэ, ол эрээри Европа дойдулара уонна АХШ сарсыныгар киэһэни кэтэспэккэ эрэ Европа орто кэминэн күнүс үс чаас саҕана эйэ түһэрсиллибитин туһунан бэйэлэрин дойдуларыгар биллэрбиттэрэ (эрдэ барбыт информацияны тохтотор кыахтара суоҕа), оттон Сэбиэскэй Сойууска бу туһунан Информбюро 9 чыыһылаҕа биирдэ биллэрбитэ. Капитуляция туһунан иккис аактаҕа ССРС-тан Жуков илии баттаабыта, уоту тохтотуу кэмэ уруккутунан хаалбыта. Онон Кыайыы күнэ Европа дойдуларыгар уонна АХШ-ка ыам ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр, оттон урукку ССРС дойдуларыгар — ыам ыйын 9 күнүгэр.
- Ыам ыйын 8 — Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аактаҕа илии баттаммыт.
- Ыам ыйын 8 — Саха саллаата Донской Феодосий Рейхстаг таастарыгар сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
- Ыам ыйын 8 — Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аактаҕа илии баттаммыт (ССРС өттүттэн Жуков илии баттаабыта). Бу дьиҥэр, капитуляция туһунан иккис докумуон этэ. Бастакы аакта Францияҕа биир хонук иннинэ ыам ыйын 7 күнүгэр баттаммыта (ССРС-тан генерал Суслопаров илии баттаабыта), икки докумуон тиэкистэрэ уонна усулуобуйалара сүнньүнэн сөп түбэһэллэрэ, ол эрээри бастакыны Сталин сөбүлээбэтэҕэ, капитуляция Германияҕа бэйэтигэр буолуохтаах, уонна илии батааччылар сололоро өссө үрдүк буолуохтаах диэн модьуйбута, союзниктар сөбүлэспиттэрэ.
- Ыам ыйын 8 — Саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
- Ньурба Бэстээҕиттэн төрүттээх Василий Халанников Латвияҕа кыргыһыы кэмигэр икки ньиэмэһи тыыннаахтыы тутан наҕараадаҕа түһэриллибит. Бу саллаат 1944 сыллаахха "Кыым" хаһыакка бэчээттэммит сурук ааптардарыттан биирдэстэрэ.
- Ыам ыйын 9 — Танковай рота хамандыыра Дмитрий Оллонов сэриилэспит танковай полката Прага куоракка бастакыннан тоҕу көтөн киирбит. Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүт уол 1932 сылтан Кыһыл аармыйаҕа сулууспалаабыта, өссө 1939 сыллаахха Халхин Голга хорсуннук сэриилэһэн Кыһыл Знамя уордьанын ылбыта.
- Ыам ыйын 12 — Новосибирскайга Опера уонна балет тыйаатыра аһыллыбыт.
- Ыам ыйын 13 — штурмовик сөмүлүөккэ сулууспалаабыт таба ытарынан биллибит стрелок-радист Иннокентий Колесов эдьиийигэр Суоттуга сурук суруйбут, Кыһыл Сулус, Албан Аат III степеннээх уордьаннарынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмытын кэпсээбит. Аҕыйах хонон баран кыргыһыыга өлбүт.
- Ыам ыйын 31 — батальонун сатабыллаахтык хамаандалааһынын, өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун быһыытын иһин Ньурбаттан төрүттээх гвардия капитана Николай Чусовскойга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 5 — Кыайбыт дойдулар байыаннай баһылыктара Жуков, Эйзенхауэр, Монтгомери уонна Латр де Тассиньи Берлиҥҥэ Германия хотторуутун уонна онно үрдүкү былааһы ССРС, АХШ, Улуу Британия уонна Франция ылалларын туһунан Декларацияҕа илии баттаабыттар. Берлин оккупациялыыр зоналарга араарыллыбыт.
- Бэс ыйын 6 — «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл олохтоммут.
- Бэс ыйын 9 — «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Кенигсбери ылыы иһин», «Прааганы босхолооһун иһин» мэтээллэр олохтоммуттар.
- Бэс ыйын 10 — 1-гы, 2-с Белоруссия уонна 1-гы Украина фроннарын чаастарыттан Германиятааҕы оккупациялыыр сэбиэскэй сэриилэр бөлөхтөрө олохтоммут.
- Бэс ыйын 24 күнүгэр Москубаҕа Кыайыы параада буолбута. Бу параадка Саха сириттэн 14 киһи кыттыбыта.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 5 — Советскай армияҕа сэрии бүппүтүнэн демобилизация саҕаламмыт.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 13 — Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Бүлүү уокуругун дөкүмүөннэрин суох гыныыны утаран саха биллиилээх учуонайа Георгий Башарин Саха АССР НКВД-тын архыыбын сулууспатыгар сурук суруйбут.
- Алтынньы 24 — Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрин устааба күүһүгэр киирбит. ХНТ (United Nations) диэн иллэр ардыларынааҕы сыһыаны тупсарарга, аан дойдуга эйэни тутуһарга уонна сэриини суох оҥорууну ситиһэргэ олохтоммут дойдулар ардыларынааҕы тэрилтэ. Билиҥҥитэ ХНТ-га 192 дойду киирэр.
- Алтынньы 25 — Тайвань арыыта 50 сыллаах Дьоппуон импиэрийэтин былааһыттан Кытай Өрөспүүбүлүкэтигэр төннөрүллүбүт.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 16 — ЮНЕСКО төрүттэммит — Холбоһуктаах Нациялар үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ (ааҥл. UNESCO; United Nations Educational, Scientific, and Cultural Organization). Тэрилтэ сүрүн сыала-соруга - аан дойдуга эйэни уонна куттал суох буолуутун үөрэх, билим уонна култуура сайдыытын көмөтүнэн хааччыйыы. Дойдулар үөрэҕэ суох буолууну утары охсуһууларын, босхо үөрэхтээһини өйүүр, санаа уонна билии атастаһар киин курдук үлэлиир.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 15 — Америка Дьоппуону оккупациялыыр кэмигэр генерал Дуглас МакАртур дьаһалынан синто итэҕэлэ Дьоппуон судаарыстыбаннай итэҕэлэ буолан бүппүт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 4 — Николай Румянцев — РФ уонна СӨ үтүөлээх архитектора, Архитектураҕа РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.
- Тохсунньу 10 — Мария Никитина — СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР норуот үөрэҕириитин туйгуна.
- Тохсунньу 19 — Анатолий Антонов — СӨ үтүөлээх юриһа, юриспруденция билимин хандьыдаата.
- Тохсунньу 27 — Григорьев Марк Петрович — математик учуонай, төрүччү чинчийээччи (генеалог).
- Олунньу 10 — Решетникова Аиза Петровна, пианист, биллиилээх муусука диэйэтэлэ, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа.
- Олунньу 13 — Андрей Кобяков — суруйааччы, Кэбээйи улууһун Ытык киһитэ.
- Олунньу 15 — Василий Атласов — Дьокуускайга баар «Ытык Хайа» этно-уһаайба тэрийээччитэ, саха сиэрин-туомун тарҕатааччы, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
- Кулун тутар 13 — Николаев Владимир Тимофеевич, "Саха Омук" уопсастыба 1990-93 сс. салайааччыта, Ил Түмэн маҥнайгы ыҥыырыытын дьокутаата, аатырбыт хапсаҕайдьыт.
- Кулун тутар 28 — Федорова Евдокия Николаевна — география билимин доктора.
- Муус устар 13 — Винокуров Николай Егорович (Урсун) — поэт, литератураны ырытааччы, тылбаасчыт.
- Ыам ыйын 4 — Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕанатыгар үҥкүүһүт, балет артыыһа, педагог Клавдия Иванова (2021 өлб.). Кини кэргэнэ Алкивиад Иванов — аатырбыт тустуук, хирург, элбэх устудьуону хирургияҕа үөрэппит учуутал этэ.
- Ыам ыйын 11 — Афанасий Ильич Тобонов — Саха сирин улуустарыгар ракеталар стуупеннарын түһэрии утары охсуспут саха киһитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, бэтэринээр.
- Ыам ыйын 21 — Булуҥ улууһун Булуҥ нэһилиэгэр Күһүүргэ Зоя Башарина, саха литэрэтиирэтин чинчийээччи, филология билимин дуоктара.
- Бэс ыйын 9 — Прасковья Адамова — СӨ үтүөлээх артыыһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
- От ыйын 14 — И. П. Степанов, саха оператын артыыһа, баас, РФ народнай артыыһа, РСФСР үтүөлээх артыыһа, Ойуунускай аатынан Ил бириэмийэтин лауреата
- Атырдьах ыйын 9 — Иванов-Ороһуунускай Иван Еремеевич, поэт и публицист. Арассыыйа суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ.
- Алтынньы 20 — Неустроев Борис Федорович – Мандар Уус (1945), СР норуотун маастара, хомусчут, бөлүһүөк, спорстмен.
- Алтынньы 21 — Никита Михалков — Арассыыйа киинэ артыыһа, режиссёра, сценариһа, продюсера, РСФСР народнай артыыһа. Кини киинэлэрэ Оскар, Канны кинофестивалын уо.д.а. бириэмийэлэргэ тиксибиттэрэ.
- Сэтинньи 12 — Георгий Родионов — муосчут, ювелир, СӨ норуодунай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, педагогика билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 28 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СҺ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бурнашев, Иннокентий Иванович — Тоҥ Суорун (1868 — 1945), олоҥхоһут, норуот ырыаһыта.
- Попов Иван Васильевич (07.05.1874—1945) — Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, саха бастакы идэтийбит живописеһа.
- Франклин Делано Рузвельт
- Тохсунньу 6 — Владимир Вернадскай — учуонай, геохимия, биогеохимия, радиогеология үөрэҕин саҕалааччыта, биосфера, кини киhи дьайыытыттан ноосфераҕа (ол аата өй сфератыгар) кубулуйуутун уонна эволюциятын туһунан үөрэх айааччыта, Украина Билим Академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ.
- Тохсунньу 21 — Владимир Татаринов — ырыаһыт, СӨ норуодунай артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Нам улууһун Ытык киһитэ.
- Кулун тутар 30 — Миронов Алексей Афанасьевич (11.04.1912—30.03.1945) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- Муус устар 12 — Франклин Рузвельт (1882 с.т.) — АХШ 32-ис бэрисидьиэнэ, дойдуга экономическай кризис уонна иккис аан дойду сэриилэрин саҕана АХШ-ы салайбыта.
- Муус устар 20 — Вацлав Серошевскай (1858 — 1945) — поляк, этнограф, суруйааччы, публицист.
- Муус устар 28 — Италия диктатора Бенито Муссолини уонна кини көрсүүтэ Клара Петаччи ытыллыбыттар.
- Ыам ыйын 1 — Бүлүүгэ учууталлаабыт Кыһыл Сулус уордьан уонна "Хорсунун иһин" мэтээл кавалердара Дмитрий Попов Германияҕа Бранденбург сиригэр сэриилэһэ сылдьан өлбүт.
- Ыам ыйын 25 — Демьян Беднай (1883 төр.), нуучча сэбиэскэй суруйааччыта, бэйиэт, публицист, түмэт дьайыксыт.
- Ахсынньы 12 — Драверт Петр Людовикович — Сибиири чинчийээччи, поэт.