1981 сыл
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1977 1978 1979 1980 — 1981 — 1982 1983 1984 1985 |
Уоннуу сыллар |
1950-с 1960-с 1970-с — 1980-с — 1990-с 2000-с 2010-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1981 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 1 — Греция Дьобуруопа Холбоһугар киирэр.
- Тохсунньу 18 — Фил Смит уонна Фил Мэйфилд Хьюстоҥҥа баар небоскребтан парашууттаах ыстанан BASE-ыстаныытын түөрт эбийиэктэриттэн барыларыттан ыстаммыт бастакы дьон буолбуттар: дьиэттэн, антеннаттан, күргэттэн уонна сиртэн (туруук таастан).
- Тохсунньу 28 — АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган ньиэп сыанатыгар хонтуруолу көтүрбүт. Мантан ыла 1979 сыллааҕы ньиэп кириисиһэ бүппүт, 1980-с сыллардааҕы ньиэп аһара оҥорон таһаарыыта уонна сыаната түһүүтэ саҕаламмыт. Ол иһин 1980-с сылларга ньиэп хостуур дойдуларга, ол иһигэр Сэбиэскэй Сойууска, экэниэмикэ кириисиһэ буолбута.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 2 — «Якуталмаз» холбоһук 3 №-дээх обогатительнай фабрикатын сепараторщиктарын биригэдьиирэ Раиса Томилова Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
- Кулун тутар 27 — «Солидарность» диэн тутулуга суох идэлээх сойуус Польшаҕа дойдуну барытын хабар забастовка тэрийбит.
- Кулун тутар 30
- ССРС-ка аан бастаан сайыҥҥы кэми киллэрбиттэр.
- АХШ бэрэсидьиэнин Рональд Рейганы ытан өлөрө сатаабыттар.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 2 — Раиса Томилова (17.02.1941 төр.), Ленин аатынан «Якуталмаз» холбоһук 3 №-дээх байытар фабрикатын сепараторщиктарын биригэдьиирэ уонна Хаҥаластан төрүттээх Дьокуускай куоратын телефоннай станциятын маастара Степан Филиппов Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
- Муус устар 12 — Юрий Гагарин көппүтэ 20 сылыгар АХШ бастакы «Колумбия» шаттлы космоска таһаарбыт.
- Бэс ыйын 5 — АХШ СиДиСи диэн ыарыыны кэтиир тэрилтэтэ Лос-Анжелескэ иммунитеттара мөлтөөбүт эрэ дьоҥҥо көстөр пневмония сэдэх көрүҥүн биэс түбэлтэтэ баарын туһунан биллэрбит. Бу СПИД бастакы бэлиэтэммит түбэлтэлэрэ этэ.
Бэс ыйа
- Бэс ыйын 16 — суруйааччы Владимир Войнович «ССРС гражданинын аатын саакка-суукка киллэрэр дьайыытын иһин» сэбиэскэй гражданствотын суох гыммыттар.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 16 — Леонид Брежнев Киин кэмитиэт пленумугар Ас-үөл бырагыраамматын ылыныы туһунан эппит.
- Сэтинньи 23 — Кытайга чааһынай урбаан көҥүллэммит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 13 — Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр Ньургуйаана Шадрина — Саха тыйаатырын артыыһа, киинэ артыыһа.
- Тохсунньу 31 — Джастин Тимберлейк — Америка ырыаһыта, продюсера, үҥкүүһүтэ уонна артыыһа, түөрт «Эмми» уонна тоҕус «Грэмми» бириэмиэйэ лауреата.
- Олунньу 11 — Куркутов Георгий Сергеевич, саха политига.
- Кулун тутар 19 — Чурапчы улууһун Одьулуун сэлиэнньэтигэр Геннадий Турантаев — Саха академическай тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
- Кулун тутар 26 — Екатерина Тайшина — Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын балетмейстера, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа.
- Муус устар 3 — Васильева Оксана Владимировна, WIBF барылынан профессиональнай боксаҕа аан дойду чөмпүйүөнэ, кикбоксиҥҥа аан дойду чөмпүйүөнэ.
- Ыам ыйын 29 — путбуоллааччы Андрей Аршавин.
- Бэс ыйын 4 — Татьяна Легантьева — Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыһа, киинэ уонна тыйаатыр артыыһа. Ленскэй куоракка төрөөбүтэ.
- Сэтинньи 12 — Наталья Сивцева — Өксөкүлээх Өлөксөй үлэтин уонна саха тылын сиинтэксиһин чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 8 — Дьокуускайга Николай Бугаев — СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэстээтэлэ, Ем. Ярославскай аатынан Хотугу омуктар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай түмэлин дириэктэрэ.
- Ахсынньы 12 — Александр Контоев — Белоруссия уонна Россия тустууга, Аан дойду түһүлгэтин үһүс миэстэлээх призёра (2001), Европа чемпионаттарын призера (2002, 2005, 2013), Россия чөмпүйүөнэ (2002). Горнай улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Мацкепладзе Кондрат Барнабович (1908—1981) — Социалистическай Үлэ Геройа, Өймөкөөн көмүһү хостуур промышленноһын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- Хатылаев Иннокентий Михайлович (1928—1981), Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала.
- Олунньу 6 — Яков Кычкин — Саха драматическай-музыкальнай тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа. Кини аата дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Маттатын кулуубугар иҥэриллэн турар.
- Кулун тутар 1 — Таллан Бүрэ (Ефрем Степанович Сивцев), саха суруйааччыта.
- Атырдьах ыйын 26 — Кузьмин Макар Иванович - Макаар Хара (1915—1981), поэт, тылбаасчыт, Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- Балаҕан ыйын 29 — Васильев Георгий Митрофанович (1908—1981), литературовед, ырытааччы, тылбаасчыт.
- Сэтинньи 18 — Алексей Окладников — археолог, Азия былыргы култуураларын үөрэппит чинчийээччи, академик, РСФСР, Бүрээт уонна Саха АССР-дарын науукаларынн үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС Судаарыстыбаннай Бириэмийэтин икки төгүллээх лауреата, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- Ахсынньы 11 — Степан Стручков — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр бастакынан комбайны, локомотивы, электрическэй мотуордаах миэлиҥсэни үлэлэппит туруу улэһит, бастакы тракторист, электрик уонна рационализатор.
- Ахсынньы 14 — Айкаров Алексей Никитич (1920—1981), устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 15 — Михаил Жаров (1899 төр.), тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, ССРС норуодунай артыыһа.