Иһинээҕитигэр көс

Барокко

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Барокко дьиэн искусство истиилэ. Ренессанс уонна Неоклассицизм истииллэрин (эбэтэр эпохаларын) икки ардыгар буола сылдьбыта. 1575 сыллаахтан 1770 сылларга дылы ааспыта. Ол бириэмэҕэ Европаҕа толору монархиялар элбэх этилэр. Барокко истиилэ оонньуур курдук буолар уона киэргэллэрэ элбэх этэ.

Барокко истиилэ Италияҕа үөскээбитэ. Ол кэнниттэн Католик дойдуларга тарҕаммыта, ол кэнниттэн протестант дойдуларга.

Барокко диэн тыл бэйэтэ португалскай тылтан үөскээбитэ. Тылбааһа "муода, дьикти" диэн тылбаастыахха сөп. Бастаан атын формалаах жемчугу ааттаабыттара. Ол кэнниттэн Францияҕа ол бириэмэтээҕи искусствоҕа майгыннаабат истиил көрүҥүн ааттаабыыр буолбуттар. Олус биллэр Барокко эратын композитордара Алессандро Скарлиатти уонна Георг Фридрих Гендель буолаллар.