1852
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1848 1849 1850 1851 — 1852 — 1853 1854 1855 1856 |
Уоннуу сыллар |
1820-с 1830-с 1840-с — 1850-с — 1860-с 1870-с 1880-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1852 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 13 — (урукку истиилинэн тохсунньу 1 күнүттэн) Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллыбыт, Илин Сибиир күбүрүнээтэристибэтигэр күбүөрүнэ бырааптах туспа уобалас (самостоятельная область на правах губернии) буолбут. Онон Саха сиригэр бастакы күбүрүнээтэр Константин Григорьев анаммыт. Быһаарыныы сыл аҥаарын инниттэн 1851 сыл от ыйын 11 күнүгэр (саҥа истиилинэн от ыйын 23 күнэ) ылыныллыбыт эбит: ол күн "Саха уобалаһын салайыы туһунан" балаһыанньа бигэргэммит.
- Тохсунньу 13 күнэ (урукку истиилинэн тохсунньу 1 күнэ) - Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллыбыт, Илин Сибиир күбүрүнээтэристибэтигэр күбүөрүнэ бырааптах туспа уобалас (самостоятельная область на правах губернии) буолбут. Онон Саха сиригэр бастакы күбүрүнээтэр Григорьев Константин Никифорович анаммыт. Быһаарыныы сыл аҥаарын инниттэн 1851 сыл от ыйын 11 күнүгэр (саҥа истиилинэн от ыйын 23 күнэ) ылыныллыбыт эбит: ол күн "Саха уобалаһын салайыы туһунан" балаһыанньа бигэргэммит.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 24 — суруйааччы Николай Гоголь «Өлбүт дууһалар» арамаанын иккис туомун уоттаан кэбиспит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 17 — Сибиири салайар Сибиир кэмитиэтэ диэн тэрилтэ ыраахтааҕы ыйааҕынан тэриллибит.
- Муус устар 19. Сыл тохсунньу 1 күнүгэр (саҥа истиилинэн тохсунньу 13 күнэ) Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллан күбүөрүнэ бырааптаах туспа уобалас буоларыгар дуоһунаска киирбит Саха уобалаһын бастакы күбүрүнээтэрэ Константин Григорьев муус устар 19 күнүгэр Дьокуускайга кэлбит.
- Муус устар 29 — оччотооҕуга эдэр суруйааччы И. С. Тургенев (Муму, Отцы и дети) хаайыыга угуллубут. «Московские ведомости» хаһыакка Н. Гоголь өлбүтүгэр ыстатыйа суруйбутун былаастар өрө турууга ыҥырда диэн сыаналаабыттар. Эбэн эттэххэ Иван Сергеевич — дворянин этэ, Арслан Турген (Түргэн Хахай) диэн татаар муурзатын сыдьаана.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 15 — Илин Сибиир генерал-губернатора предписание таһаарбыт. Бу дьаһалы толорон Саха Сирин уобаластааҕы бырабылыанньата уонна Киренскэй исправнига Саха Сирин Иркутскай губернияны кытта кыраныыссатын чуолкайдаабыттар.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 15 — Анри Беккерель, француз физига уонна химига, Нобель бириэмийэтин лауреата (1908 өлб.).
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 25 — Фаддей Беллинсгаузен (1778 төр.), Ньиэмэс төрүттээх Арассыыйа айанньыта, Антарктиданы арыйааччылартан биирдэстэрэ.
- Кулун тутар 4 — урукку ааҕыынан олунньу 21 күнүгэр Москубаҕа Николай Гоголь (1.04.1809 төр.) — нуучча классик суруйааччыта, драматуур, бэйиэт.