1856
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1852 1853 1854 1855 — 1856 — 1857 1858 1859 1860 |
Уоннуу сыллар |
1820-с 1830-с 1840-с — 1850-с — 1860-с 1870-с 1880-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1856 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 9 — Саха уобалаһын салайааччытынан бырабылыанньа үрдүкү сүбэһит хабалыара Николай Скрябин буолбут. Кини уобалаһы 1857 сыл кулун тутар 2 күнүгэр диэри салайбыта.
- Олунньу 11 — Британия Ост Ииндийэ хампаанньата Авад хоруолун бөрүстүөлтэн түҥнэрбит уонна Авад хоруоллугу бэйэтин сирдэригэр холбообут.
- Кулун тутар 30
- Парижка эйэ сөбүлэҥэ түһэрсиллибит, Кырыым сэриитэ түмүктэммит. Туурсуйа Севастополь уонна союзниктарга бэриллибит атын Кырыым куораттарын оннугар Карс куораты ылбыт, Молдавия — Соҕуруу Бессарабия сорҕотун Дунаай өрүс алын тардыытын ылбыт.
- Александр II ыраахтааҕы Москуба дворяннарыгар крепостной быраабы "үөһэттэн" суох гынар санаалааҕын эппит.
- Ыам ыйын 22 — Москубаҕа Третьяковскай галерея тэриллибит.
- Бэс ыйын 2 — Амыр уонна Зея өрүстэрин силбэһиилэригэр Амыр уобалаһын киинэ Благовещенскай куората олохтоммут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- тохсунньу 5 — Егор Дмитриевич Николаев (Улахан Дьөгүөрдээн), XIX үйэ иккис аҥаарыгар биллибит киһи (өлбүт сыла1888) — сахалар бэйэлэрин бэйэлэрэ салайыныыларын туруорсубут, Степной Думаны сөргүтэ сатаабыт, земство институутун Саха Сиригэр киллэриини туруорсубут, Саха сиригэр холуобунай көскө ыытыы суох буоларыгар кылаатын киллэрбит киһи. Боотур Уус улууһун кулубата. Саха уһулуччулаах киһитэ Күлүмнүүр учууталынан билинэр киһитэ
- Тохсунньу 25 — Монастырев Василий Григорьевич — Үөһээ Бүлүү оскуолатыгар XX үйэ саҕатыгар үлэлээбит учуутал.
- Кулун тутар 17 — Михаил Врубель, нуучча аатырбыт худуоһунньуга (1910 өлб.).
- Ыам ыйын 6 — Зигмунд Фрейд төрөөбүт.
- От ыйын 10 — физик Никола Тесла
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 12 — Николай Лобачевскай — нуучча математига, неевклидовай геометрия айааччыларыттан биирдэстэрэ, университет үөрэҕириитин уонна дьону сырдатыы диэйэтэлэ.