Ураанай
Тас көрүҥэ
Ураанай (лат. Fulica atra; нуучч. лысуха) — ыас хара дьүһүннээх, тумса тураахтыҥы, аһаҕас атахтаах сэдэх көтөр.
Кээмэйэ орто кус саҕа. Устата 36—38 см, кынатын даллаҕа 19,5—23,5 см, ыйааһына 500—1000 г. Сороҕор 1500 г тиийэр. Тумсун үрдүнэн, олох сүүһүгэр үрүҥ сааппыйаан курдук эт үүнэ сылдьар. Атыыра уонна тыһыта улахан уратылара суох, тыһыта арыый кыра буолар[1].
Саха сирин соҕуруу өттүгэр сайылыыр. Ыам ыйын иккис аҥаарыгар кэлэр, балаҕан ыйын иккис аҥаарыгар төннөр. Ураанай балыгынан, уу отунан аһылыктанар. Хомустаах алаастарга хомус лаҥхатыгар сымыыттыыр.
Yчүгэй ууһут көтөр. Ууга уста сылдьан туохтан эрэ куттаннаҕына умсан куотарын ордорор.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Р. Л. Бёме, Н. П. Грачев, Ю. А. Исаков «Птицы СССР. Курообразные, Журавлеобразные» Изд. «Наука» Ленинград 1987 онлайн
Бу көтөргө сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |