Иһинээҕитигэр көс

Күүс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Күүс эттиги тэйитэр уонна тардар. Гравитация, магнетизм курдук маассаны түргэтэтэр дьайыылартан тахсар.

Күүс диэн эттик хамсааһынын кубулутар (түргэтэтэр, бытаардар, хайысхатын уларытар) эбэтэр эттиги кумуктатар (форматын уларытар) дьайыы. Эттиккэ атын эттиктэр эбэтэр хонуулар дьайаллар. Күүс тэйитэр уонна тардар буолар. Күүс ахсаана векторынан уонна хайысхатынан быһаарыллар. Кээмэйдэнэр биирдигэ Ньютон (N), бэлиэтэ F. Ньютон биирдигэ 1 килограмм маассалаах эттиги 1 м/с² түргэтэтэр күүс буолар.

Исаак Ньютон эттиктэр хамсааһыннарын быһаарарыгар инерция уонна күүс диэн торумнары туттубута. Бары эттиктэр хараан сокуонун тутуһаллар диэн суруйбута. Ньютон 1687 сылга Айылҕа философиятын математика тосхоллоро (лат. Philosophiæ Naturalis Principia Mathematica) диэн ааттаах битигин таһаарбыта. Бу үлэтигэр Ньютон хамсааһын үс сокуонун ойуулаан суруйбута. Бу сокуоннары физикаҕа күүс өйдөбүлүн быһаарарга күн бүгүҥҥэ дылы туһаналлар.

Ньютон формулата:

Күүһү импульс (хамсааһын ахсаана) кэминэн билиэххэ сөп:

Маасса мэлдьинэн хаалар буоллаҕына маннык суруллар:

m - маасса, a түргэтэтии (акселерация). Бу формуланы Ньютон хамсааһын иккис сокуонугар суруйбута. Статика (хамсаабат) түргэтэтии суох түгэнигэр дьайар күүстэри тэҥнэһик торумнарыттан түмүктээн таһаарыахха сөп.