Иһинээҕитигэр көс

Coca-Cola

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кока-Кола логотиба.
Coca-Cola
Кока-Кола, 1941, Монреал, Канаада.

Кока-колаарыгыта суох гаастаах утах, Coca-Cola компаниянан оҥоһуллар; 2006 сыллаахха саамай сыаналаах брэнд. [1]. Халыып:Toc-left

«Кока-кола» утах АХШ Атланта куоракка (Джорджия штатыгар) 1886 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр айыллыбыт. Айбыт киһитэ — фармацевт Джон Стит Пембертон, уруккута офицер. Утах аатын бухгалтер Пембертона Фрэнк Робинсон кыраһыабай буочарынан суруйбут, билиҥҥэҥигэ дылы утах логотипынан буолар.

1915 сыллаахха айыллыбыт 6,5-унциялаах бытыылка.

Кока-Кола сүрүн ингрединена маннык эбитэ үһү: кока сэбирдэхтэрин үс чааһа, Кола диэн тропическай эриэхэ биир чааһа. Онтон ылыллыбыт утах "араас ниэрбэ ыарыытыттан" ыраастыыр диэн патеннанан Атланта улахан аптекатыгар торговай автоматка атыыланарын саҕалаабыт.

Ол бириэмэҕэ кокаин көҥүллэнэр вещество эбит, куһаҕан дьайыытын билбэт эбиттэр. Ол иһин кокаин атыыланар эбит, арыгы оннутугар туттуллар эбит.

Бастакы сыл атыытын оборота 50 доллар эрэ буолбут. Кока-коланы оҥорууга 70 доллар бараабыттар, ол иһин бастакы сыл барыһа суох буолан тахсыбыт. Кыра-кыралаан кока-кола атыыта улааппыт, барыһа эмиэ улааппыт эбит. 1886 сыллаахха утах бастакы рекламата хаһыакка тахсыбыт. 1888 сыллахха Пембертон утах таһаарар прваны атыылаабыт. Онтон 1892 сыллаахха праваны атыыласпыт Аса Григгс Кэндлер "The Coca-Cola Company" диэн хампааннньаны төрүттээбит, ол компания билигин даҕаны кока-коланы оҥоруутунан дьарыктанар.

1902 сыллахха 120 тыһ доллар обороттаах кока-кола АХШга ордук биллэр утах буолбут.

1890ыс сыллар бүтүүтүгэр дьон кокаин утары барбыттарын кэнниттэн кока сибиэһэй сэбирдэхтэрин буолбакка, ыраастааммыт кока сэбирдэхтэрин экстрагын эбэр буолбут

Ол кэнниттэн утах популярнай буолбут. Биэс уон сылынан кока-кола АХШ дьонноругар национальнай символ курдук буолбут.

Кока-Кола Россияҕа

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

«Кока-Кола» компания утахтара бастаан ССРСка 1979 сыллаахха Москваҕ Олимпийскай оонньууларга бэлэмнэнии бириэмэтигэр атыыга тахсыбыт. Ол кэнниттэн 1988 сыллаахха перестройка кэнниттэн тахсыбыт уонна Россия экономикатыгар активнай харчыны угааччы буолбут.

Кока-кола таһынан компания атын да утахтары батарар: Fanta, Sprite, Schweppes, Фруктайм, Powerade, Burn, BonAqua, Valser, Nestea, «Кружка и Бочка» квас, Добрый, Nico, Biotime, Rich, Ясли-Сад уонна Rich Fruit Mix соктары таһаарар..

Обургу конкуреннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр: