1961 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1961 көстө)
Сыллар |
---|
1957 1958 1959 1960 — 1961 — 1962 1963 1964 1965 |
Уоннуу сыллар |
1930-с 1940-с 1950-с — 1960-с — 1970-с 1980-с 1990-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1961 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Чопчуланыахтаах
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Литературовед Арфо Петросян "Споры о наследстве" диэн Москубаҕа тахсар "Знамя" сурунаалга ыстатыйатыгар[1] Георгий Башарин "О трех реалистах-просветителях" үлэтин хайҕаабыт, литэрэтиирэ нэһилиэстибэтин тула туһата суох мөккүөрү тохтотон, ол нэһилиэстибэни чинчийэр уолдьаста диэбит. Бу ыстатыйаттан эр ылан Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап уонна Иннокентий Эртюков Петросяҥҥа уонна сурунаал тутаах эрэдээктэригэр В. Кожевниковка сурук суруйбуттар, онно саха литэрэтиирэтин кылаассыктарын ааххайбат буолуу литэрэтиирэ сайдыытын атахтыырын эппиттэр. Ол эрээри утарылаһааччылар уурайбатахтара, Саха сиринээҕи обкуом "По ленинскому пути" диэн сурунаал балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр Аветисян ыстатыйатын научнай сыаннаһын саарбахтыыр ыстатыйаны таһаарбыттара.
Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 10 — Михаил Еремисов — сүүрүүк спортсмен, супермарафонец. Биир сууккалаах сүүрүүгэ уонна 100 км дистанцияҕа Арассыыйа элбэх төгүллээх призера. Биир сууккалаах сүүрүүгэ 264 км 400 м көрдөрөн СӨ рекордун олохтообута. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун, Далыр нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина.
- Тохсунньу 17 — Конго урукку премьер-миниистирин Лумумбаны өлөрбүттэр, бу быһылааҥҥа Бельгия уонна АХШ кыттыбыттарын туһунан чахчылар көстүбүттэрэ.
- Тохсунньу 20 — Джон Кеннеди Америка Холбоһуктаах Штааттарын 35-с бэрэсидьиэнинэн буолбут. Кини бу солоҕо саамай эдэр киһи (43 саастаах) уонна бастакы католик этэ.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 9 — Далай Лаама Тибиэт тутулуга суох буолуутун сөргүтэр туһунан ХНТ-га ыҥырыы оҥорбут.
- Кулун тутар 21 — Арҕаа Сибииргэ бастакы хара уматык (ньиэп) хачайдаммыт.
- Кулун тутар 24 — Канаадаҕа Квебектээҕи франзуз тылын сэбиэтэ төрүттэммит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 1 — РСФСР Педагогика билимигэр акадьыамыйатын Төрүт оскуолаларын чинчийэр институтун Саха сиринээҕи филиала аһыллыбыт. Кэлин бу тэрилтэҕэ олоҕуран СӨ Төрүт оскуолаларын института тэриллибитэ.
- Муус устар 5 — АХШ бэрэсидьиэнэ Кеннеди Куубаны утары байыаннай эпэрээһийэни көҥүллээбит.
- Муус устар 12 — Юрий Гагарин аан дойдуга бастакынан космоска көппүт.
- Муус устар 17 — ЦРУ нөҥүө үбүлэммит Куубаттан төрүттээх эмиграаннар Тороху хомотунан Куубаҕа саба түспүттэр, соруктара — Фидель Кастрону суулларыы.
- Муус устар 26 — «Саха тылын таба суруйуутун быраабылаларын» саҥа бырайыага «Социалистическая Якутия» хаһыакка бэчээттэммит. Бу кэмтэн ыла саха тылыгар киирии тыллар олохторун нууччалыы суруйуу күүскэ киирбитэ. Саха сирэ атын өрөспүүбүлүкэлэртэн бүтэһигинэн бу үөһэттэн күһэйиини ылыммыта.
- Муус устар 30 — Кууба салайааччыта Фидель Кастро Ленин аатынан эйэ бириэмийэтин ылбыт. Антарктидаҕа сэбиэскэй быраас Леонид Рогозов бэйэтин муҥурдааҕын быстыбыт. Минскэй куоракка американец Ли Харви Освальд уонна Марина Прусакова сыбаайбалара буолбут. 2 сылынан Освальд АХШ бэрэсидьиэнин Джон Кеннедини ытан өлөрбүтэ.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 25 — АХШ Кэҥгириэһин анал сиэссийэтигэр бэрэсидьиэн Джон Кеннеди дэкээдэ бүтүөр диэри Ыйга киһини ыытарга сыал-сорук туруоруммутун туһунан биллэрбит. Ол соругу ситиһиилээхтик толорон, 1969 сыллаахха от ыйын 20 күнүгэр астронавт Нил Армстронг Ый ньууругар үктэммитэ.
- Ыам ыйын 28 — Лондон "Обсервер" хаһыатыгар Питер Бененсон «Умнуллубут хаайыылаахтар» ыстатыйата тахсыбыт. Бу ыстатыйаны хас да аан дойду хаһыата хос бэчээттээбитэ. Кэлин бу күн Amnesty International диэн киһи быраабын көмүскүүр түмэт тэрилтэ үөскээбит күнүнэн ааҕыллар буолбута.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 16 — Кировскай тыйаатырдыын Парижка гастроллуу сылдьыбыт үҥкүүһүт Рудольф Нуриев Сэбиэскэй Сойуустан күрээбит.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 17 — ССКП XXII сийиэһигэр 1980 сылга диэри ССРС-ка хомуньуустуу уопсастыбаны тутар туһунан сорук туруоруллубут. Хрущев дакылаатыгар Сталин буруйун туһунан эмиэ этиммит, бу кэнниттэн Сталин өлүгүн мавзолейтан таһаарбыттара, дойдуга Сталин аатынан урукку сылларга ааттаммыт нэһилиэнньэлээх пууннартан, уулуссалартан, тэрилтэлэртэн кини аатын суох гыммыттара.
- Алтынньы 30 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай сүүнэ кыахтаах бомбаны ССРС дэлби тэптэрбит. 58-мегатонналаах водороднай бомба («Царь-бомба») Саҥа Сир арыытыгар дэлби тэптэриллибит. Санаттахха ол арыыга уруккуттан олохтоох дьураак (ненец) омуктары күүс өттүнэн көһөрөн кэбиспиттэрэ, билигин да төннө сатыыллар.
- Алтынньы 31 — Иосиф Сталин өлүгэ Кыһыл болуоссакка баар мавзолейтан таһаарыллыбыт уонна Кириэмил эркинин анныгар көмүллүбүт. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта: Сталинград Волгоград буолбута, Сталинабад — Душанбе, дойду үрдүнэн Сталин мэҥэ таастарын көтүрбүттэрэ.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 8 — "Көрдөөхтөр уонна булугас өйдөөхтөр кулууптара" — КВН («Клуб весёлых и находчивых») программа аан бастаан эпииргэ тахсыбыт.
- Сэтинньи 10 — Сталинград аата уларыйан Волгоград буолбут. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 2 — Кууба баһылыга Фидель Кастро бэйэтин марксист-ленинец диэн ааттаммыт уонна Кууба хомуньууһуму ылынарын биллэрбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Нельбисова Галина Васильевна — суруналыыс.
- Тохсунньу 10 — Еремисов Михаил Николаевич - сүүрүк-спортсмен, марафонец.
- Олунньу 23 — Лукина Марианна Михайловна - саха живописеһа
- Кулун тутар 31 — Валерий Жондоров — 2012 сылтан СӨ үбүн миниистирэ.
- Муус устар 1 — Петр Черемкин — 2008-2017 сыллардаахха Муома улууһун баһылыга.
- Муус устар 6 — Никитина Саргылана Егоровна — история билимин кандидата
- Муус устар 19 — Попова Алла Афанасьевна - биллиилээх сири олохтооччу.
- Ыам ыйын 5 — Иван Ушницкай — биллиилээх суруналыыс, публицист, "Киин куорат" хаһыат тутаах эрэдээктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- Ыам ыйын 9 — Романова Екатерина Назаровна — саха итэҕэлин, сиэрин-туомун үөрэтэр чинчийээччи, история билимин доктора
- Ыам ыйын 15 — Васильев Юрий Алексеевич (Бахлай) — Чолбон рок-бөлөх кыттыылааҕа.
- Ыам ыйын 15 сыллаахха Сунтаар улууһун Кутана с. суруналыыс, суруйааччы Галина Нельбисова.
- Ыам ыйын 26 — Розалия Тихонова, Аан Дархан оһуохайдьыт.
- Ахсынньы 7 — Стручкова Ольга Аполлоновна - СӨ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна
- Ахсынньы 17 — Скрыбыкина Людмила Николаевна — Саха сирин олохтоох нууччаларын фольклордарын чинчийэр учуонай, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата.
- Ахсынньы 19 — Хатылаев Герман Васильевич — саха ырыаһыта.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 4 — Эрвин Шрёдингер — Австрия физигэ, квантовай механика төрүттээччитэ. 1933 сыл физикаҕа Нобель бириэмийэтин ылбыта.
- Тохсунньу 8 — Яшар Догу — туурак тустууга, аан дойду, Европа уонна Олимпиада чөмпүйүөнэ. Омугунан убых.
- Муус устар 6 — Жюль Борде (фр. Jules Jean-Baptiste Vincent Bordet, 1870 с.т.) — Бельгия бактериолога уонна иммунолога. Нобель бириэмийэтин физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ 1919 сыллааҕы лауреата.
- Бэс ыйын 6 — Михаил Доҕордуурап (1906—1961) — бэйиэт, сэһэнньит, драматург, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, ааҕарга-суруйарга бэйэтин дьулуурунан үөрэммитэ, саха уоһун номоҕун айымньыларын бэркэ билэрэ, олоҥхолуура.
- От ыйын 2 — Эрнест Хемингуэй, америка суруйааччыта, Нобель бириэмийэтин 1954 сыллааҕы литератураҕа лауреата.
- ↑ Петросян А.А. Споры о наследстве // Знамя. 1961. №8. 206-210 с.