2005
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
2001 2002 2003 2004 — 2005 — 2006 2007 2008 2009 |
Уоннуу сыллар |
1970-с 1980-с 1990-с — 2000-с — 2010-с 2020-с 2030-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2005 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 14 — «Гюйгенс» диэн Европа космоска агентствотын зонда Сатурн аргыһыгар Титаҥҥа сымнаҕастык түспүт. Бүгүҥҥү (2021 сыл) туругунан бу Тас Күн систиэмэтигэр соҕотох сымнаҕас түһүү.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 14 — YouTube видеохостинг төрүттэммит.
- Олунньу 16 — Арассыыйа ратификациялаабытын кэнниттэн Киото боротокуола олоххо киирбит. Бу сайдыылаах уонна сайдан эрэр экономикалаах дойдулар парниковай эффеги оҥорор гаастары таһаарыыны кыччаталларын эбэтэр улаатыннарбаттарын мэктиэлиир докумуон.
- Олунньу 16 — Бүлүү улууһун дьаралыга бигэргэммит.
- Олунньу 20 — Испания бастакынан референдум ыытан Европа Сойууһун конституциятын бигэргэппит.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 2 — Үөһээ Бүлүү улууһун дьаралыга бигэргэммит.
- Кулун тутар 24 — в Бишкеккэ буолбут хамсааһыннар түмүктэригэр Кыргыстаан бэрэсидьиэнэ Аскар Акаев былаастан туоратыллыбыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 6 — куурдар басханнара Джалал Талабани Ираак бэрэсидьиэнэ буолбут (бастакы омугунан арааб буолбатах бэрэсидьиэн, 2014 сыллаахха диэри бу солоҕо олорбута); нөҥүө күнүгэр премьер-миниистиринэн арааб-шиит Ибрагим аль-Джаафари анаммыта.
- Муус устар 11 — ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеев аата төрөөбүт дойдутугар, Бүлүү улууһун Илбэҥэтигэр, Баппаҕаайы орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
- Муус устар 17 — Таймыырдааҕы Дулгаан-Ненец уонна Эбэҥки автономиялаах уокуруктара Красноярскай кыраайга холбоһоллорун туһунан референдум ыытыллыбыт. Бу түмүгүнэн уокуруктар федерация таһымыттан муниципальнай оройуон таһымыгар түспүттэрэ.
- Муус устар 23 — YouTube бастакы видеотун сиэрбиһи оҥорооччулартан биирдэстэрэ Джавед Карим укпут («Мин зоопаркаҕа» диэн ааттааҕа).
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 12 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын № 270 уурааҕынан Өрөспүүбүлүкэ мэҥэлэрин испииһэгэ бигэргэммит. Онно 187 эбийиэк киирбит: мэҥэлэр — 83, куорат скульптууралара — 28, устуоруйа уонна архитектура мэҥэ дьиэлэрэ — 76
- Ыам ыйын 13 — Узбекистан Андижан куоратыгар сэбилэниилээх өрө турууну хам баттааһыҥҥа тыһыынчаҕа тиийэр киһи өлбүт. Өрө туруу төрүөтүнэн куорат 23 урбаанньытын экстремизмҥа буруйдаан хаайыы буолбут.
- Ыам ыйын 19 — Арассыыйа 44 регионугар уҥа урууллаах массыыналары дойдуга киллэрэри бобууну утаран маассабай бырачыастар буолбуттар.
- Ыам ыйын 19 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэстээтэлинэн Ньургун Тимофеев талыллыбыт.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 2 — МТС хампаанньа Саха Сиригэр үлэлиирин туһунан биллэрбит, атыылыыр офиһын аспыт.
- бэс ыйын 14 — Аан дойдуга Донор күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. 2005 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын Аан дойдутааҕы Ассамблеята хас сыл аайы бэс ыйын 14 күнүгэр хаан туттарааччылар күннэрин бэлиэтииргэ уураахтаабыта.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 5 — Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын уонна педагогика уопсастыбаннаһын XI сийиэһэ аһыллыбыт.
- Алтынньы 8 — Пакистаҥҥа Азад Кашмир эрэгийиэнигэр 7.6 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. 100 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлбүт, 69 000–75 266 киһи бааһырбыт, 4 мөлүйүөн киһи дьиэтэ-уота суох хаалбыт.
- Алтынньы 12 — Ил Түмэн уурааҕынан Өлөөн улууһа эбэҥки национальнай улууһун стаатуһун ылбыт.
- Алтынньы 20 — СӨ бырабыыталыстыбатын 562№ уурааҕынан «СӨ тырааныспарын комплекса 2005—2010 сылларга сайдыыта уонна 2015 сылга дылы сүрүн туһаайыылара» диэн судаарыстыбаннай тустаах бырагыраама ылыныллыбыт.
- Алтынньы 23 — Кэрээк автономиялаах уокуруга уонна Камчаатка уобалаһа холбоһоллорун туһунан референдум буолбут. Корякия дьоно үгүстэрэ төһө да сөбүлээбэтэллэр, куоластаабыт дьон баһыйар өттө холбоһуу диэки буолбут. Инньэ гынан 2007 сыл от ыйын 1 күнүгэр Камчатка кыраайа диэн саҥа эрэгийиэн үөскээбитэ.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 1 — Биики Сонун нууччалыы салаата аһыллыбыт.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 1 — Пермь уобалаһа уонна Коми-Пермяк автономиялаах уокуруга холбоһон Пермь кыраайа буолбуттар.
- Ахсынньы 2 — «О защите государственной собственности в алмазно-бриллиантовом комплексе Республики Саха (Якутия)» диэн боротокуолга илии баттаммыт. Бу дөкүмүөҥҥэ АЛРОСАны федерализциялааһын механизма бигэргэтиллибит. Боротокуол чэрчитинэн федеральнай киин АЛРОСА хампаанньа 50% +1 акциятын бас билбитэ. Кэлин 2013 сыллаахха Росимущество уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ аахсыйаларын 7-лии бырыһыанын кэтэх бас билиигэ атыылаабыттара.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Иннокентий Федорович Бережнов, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
- Филиппов Степан Егорович (1936—2005) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- Муус устар 2 — Иоанн Павел II — Польшаттан төрүттээх Рим паапата.
- Муус устар 5 — Сол Беллоу (төрүүрүгэр Соломон Белоус; 1915 төр.), АХШ суруйааччыта, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1976).
- Бэс ыйын 25 — Суорун Омоллоон (Дмитрий Кононович Сивцев) (14.09.1906—25.06.2005) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта
- Алтынньы 4 — Бессонов Георгий Евдокимович, биллиилээх педагог, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- Алтынньы 20 — Тимофей Степанов — саха живописеһа, саха норуодунай худуоһунньуга, реставратор, Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ.
- Сэтинньи 9 — Потапов Иннокентий Афанасьевич (07.07.1932—09.11.2005) — худуоһунньук, искусствоведение билимин кандидата
- Сэтинньи 11 — Питер Друкер (1909 төр.), АХШ экэнэмииһэ, мэнидьимиэн(менеджмент) аныгы түөрүйэтин аҕата.
- Ахсынньы 13 — Александр Чусовской — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962), Саха АССР үтүөлээх учуутала, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аата Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ иҥэриллибитэ.