Иһинээҕитигэр көс

Тииҥ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тииҥ (Sciurus vulgaris)

Тииҥ (лат. Sciurus vulgaris) — аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт мастаах сиргэ үөскүүр кыра кыыл. Мас туорааҕын, оту, тэллэйи, үөнү-көйүүрү сиир. Аһылыгын кыһыҥҥытыгар хаһаанарынан биллэр.

Айылҕаҕа тыҥырахтаах кыылларга уонна көтөрдөргө аһылык буолар, үүнээйилэр тарҕанан үүнэллэригэр туһалыыр. Бултанар көрүҥҥэ киирэр. Кыһыҥҥы тириитэ былыр үрдүктүк сыаналанара. Билигин да бэргэһэ, оҕо таҥаһа тиктэргэ суолтата улахан. Этин сорох гурмааннар сөбүлээн сииллэр.