Дьорбуоҥка
Тас көрүҥэ
[[|мини| Дьорбуоҥа тас көстүүтэ ]] Нууччалыыта - ермо́лка, ки́па эбэтэр кипа́ (иврит: כִּיפָּה ки́па, мн.ч. кипот, идиш: יאַרמלקע я́рмолке) — дьэбириэй эр дьонун төбөҕө кэтиллэр төрүт таҥаһа. Сахаҕа нуучча нөҥүө киирбит.
Даль тылдьытыгар дьорбуоҥка (ермолка) — «төбөҕө батары кэтиллэр чэпчэки бэргэһэ, сыҥааҕа эбэтэр туох да эбиилигэ суох; чуолаан, дьиэбириэйдэр тигиилэригэр майгынныыр».
Дьорбуоҥканы аҥаардас бэйэтин эрэ эбэтэр сэлээппэ, бэргэһэ аннынан кэтиэххэ сөп. Ардыгар дьорбуоҥканы баттахха баттах туттарынан, сокуолканан туттараллар.