Иһинээҕитигэр көс

Аммиак

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Аммиак молекулатын формулата

Аммиак (аммониак, химия формулата NH3) диэн органикаламмат холбоһук. Аммиак молекулата азот биир атомыттан уонна уулук үс атомыттан турар. Хатан тумнарар сыттаах өҥө суох гаас. Салгынтан чэпчэки. Ууга үчүгэйдик суураллар. Аммиак азоттан уонна уулуктан батталлаах катализтаах синтезынан ылыллар. Азоттаах уоҕурдуулары, эстэр сэктэри, азот аһыыбатын оҥорорго туттуллар. Убаҕас аммиак тымнытар тэриллэргэ туттуллар. Аммиак уу суурадата (нашатырдаах спирт) медицинаҕа туттуллар. Аммиак химия индустриятын биир тутаах оҥоһуга буолар. Сыллааҕы аан дойдутааҕы оҥорооһуна 180 млн тоннаттан тахса.