Иһинээҕитигэр көс

Toyota Camry

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Toyota Camry
2007 Toyota Camry Sportivo (Australia)
Оҥорооччута Toyota Motor Corporation
Оҥоhуллуутун кэмэ билигин
Иннинээҕитэ Toyota Corona
Кылааhа Компакт (1980–1996)
Орто (билигин)
Уруулара Toyota Camry Solara
Toyota Sienna
Lexus RX
Lexus ES

Toyota Camry диэн Toyota компания оҥорор орто кээмэйдээх массыыната. 1980 с. ыла таhаарыллар. "Camry" аат kanmuri (冠, かんむり) диэн дьоппуон тылын ааҥллыы формата, "хоруона" диэн тылбаастанар. Бу аат Toyota бастыҥ моделларын "хоруона" диэн аатынан ааттааhынын үгэhэ буолар: аан бастаан Toyota Crown 1955, онтон Toyota Corona уонна Corolla[1].

Илин уонна Соҕуруулуу-илин Азия баhаардарыгар Camry моделлара бизнес кылаастаах массыыналарга киирсээллэр.

АХШга Camry тиhэх уон сыл устата атыытынан бастыҥ массыына этэ. Онтон ураты Аустралия, Канаада уонна сорох Азия баhаардарыгар бэркэ атыыланар. Ол гынан баран, Эуропаҕа атыыта соччо үчүгэйэ суох буолан, 2004 ыла онно атыыланан бүппүтэ. Эуропаҕа кинини Avensis солбуйбута.