Иһинээҕитигэр көс

Citigroup

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Citigroup (Сити групп), улахан Аан Дойдутааҕы харчы конгломерата, итинник тэҥ ааттаах араас тэрилтэлэри бас билэр, олор ахсааннарыгар Citibank.

Citigroup харчыта ынырык элбэх, ол иһин салайар салаалара географианан арахсар:

Азиа макрорегиона — Кытай, Дьоппуон, Соҕуруу Кэриэйэ, Индия, Аустралиа, Саҥа Зеландия, Гонконг, Тайвань, Индонезия, Малайзия. Салалтата — Гонконг.

Европа макрорегиона — Германия, Недерланд, Франциа, Казахстан, Швеция, Улуу Британия, Испания, Польша, Финляндиа, Арассыыйа, Кыргызстан, Узбекистан, Таджикистан, Украина, Беларусь, Эстония, Латвиа, Литва, Румыния, Болгария, Турциа, Кипр, Италия, Марокко, Египет, Тунис, Ирландия, Соҕуруу Африка Республиката, Бельгия. Салалтата - Лондон (Улуу Британия).

Америка макрорегиона — АХШ, Канаада, Мексика, Бразилия, Аргентина, Боливия, Чили, Уругвай. Салалтата - Нью Йорк (АХШ).