Иһинээҕитигэр көс

AT&T

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
AT&T Inc.
Көрүҥэ Аһаҕас
Тэриллибитэ Алтынньы 5, 1983 (1983-10-05)[1]
Тэрийээччи Alexander Graham Bell
Штаб-квартира Whitacre Tower, Downtown,
Даллас, Техас
, United States
Тутаах дьоно Randall Stephenson
(Chairman & CEO)[2]
Индустрията Телекоммуникация
Өҥөлөрө Fixed line and mobile telephony, broadband and fixed-line internet services, digital television
Барыhа US$ 126.723 billion (2011)[3]
Операционнай барыhа US$ Халыып:016.309 billion (2011)[3]
Net income US$ Халыып:03.944 billion (2011)[3]
Бүтүн активтара US$ 270.344 billion (2011)[3]
Бүтүн хапытаала US$ 105.797 billion (2011)[3]
Үлэhиттэрэ 252,330 (2012)[3]
Хонтуруолланар тэритэлэр AT&T Corp.
AT&T Mobility
BellSouth
Southwestern Bell
AT&T Teleholdings
Уэбсайта ATT.com

АМЕРИКАН ТЕЛЕФОН ЭНД ТЕЛЕГРАФ (ааҥл. American Telephone and Telegraph, АТ&Т) — телекоммуникация уонна электротехника эйгэлэригэр үлэлээбит бөдөҥ хампаанньа. Сибээс уонна электротехника тэриллэрин оҥорон таһаарыыга, ситимнэри хааччыйыыга үлэлээбитэ. Бэйэтин тутулуктаах хампаанньалын нөҥүө чинчийэр үлэнэн дьарыктаммыта, АХШ-ка төлөппүөннэри оҥоруу саамай улахан өлүүтүн ылара. АТТ 1885 сыллаахха тэриллибитэ, 1877 сыллаахха А. Г. Белл тэрийбит АХШ-ка бастакы төлөппүөн хампаанньатын 1900 сыллаахха бэйэтигэр сыһыарбыта.

XX үйэ устатыгар АХШ сибээс өҥөтүн ырыынагын сиирин саҕалаабыта. Номнуо 1965 сыллаахха бары телефоннартан 85% хампаанньа хонтуруоллуур этэ. 1950ус сыллардаахтан араас континеннары кытта холбуус сибээс линияларын туппута уонна атыыласпыта. Ону тэҥэ араадьыйа уонна телевизор уобалаһыгар эмиэ үлэлиирэ.

«Уэстерн электрик» (Western Electric) диэн хампаанньа кыракый токтаах тэриллэри оҥорор эбит. Онно дьон уонна байыаннай тэриллэри оҥороро. Араас программаларга, ол курдук «Джемини» уонна «Аполлон» космос программаларыгар кыттыбыта.

1982 сыллаахха правительство ыйааҕынан хампаанньаны бытарыппыттар. Бас билэр миэстэҕэ баар хампаанньалары BellSouth, U.S. West, NYNEX, Southwestern Bell көҥүлгэ ыыппыттар. Ол гынан баран AT&T дойду икки ардыгар барар линиялары бэйэтигэр хаалларбыт. Интернет уонна мобильнай сибээс тарҕаныытын кэнниттэн AT&T суолтата кыччаабыт.


  1. Халыып:Cite press release
  2. Randall L. Stephenson, Chairman, Chief Executive Officer and President. Тургутулунна 14 Атырдьах ыйын 2011.
  3. 3,0 3,1 3,2 3,3 3,4 3,5 2011 Form 10-K, AT&T Inc. United States Securities and Exchange Commission.