Хаан аҕыйааһына (Анемия)
Хаан аҕыйааһына – хаан кыһыл эттиктэрэ (эритроциттар) эбэтэр хаан кыһыл эттиктэригэр баар хааны кырааскалыыр вещество (гемоглобин) аҕыйааһыныттан үөскүүр. Ити клеткалар эт-хаан (организм) туох баар тканнарын уонна клеткаларын кислородунан хааччыйар, ол иһин хаан аҕыйааһыныгар киһи тыынын хаайтарар. Хаан аҕыйааһынын сүрүн көстүүтэ – сэниэтэ суох буолуу. Бу манна туох да киһи соһуйара суох: клеткаларга кислород тиийбэтиттэн сылтаан, кинилэр баар кислороду харыстаары үлэлэрин аччаталлар. Ол эрэн хас биир сылайыы түбэлтэтэ хаан аҕыйааһыныттан буолбатах, тоҕо диэтэр сылайыы төрүөтэ элбэх.
Хаан аҕыйыааһына
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Атын хаан ыарыыларыттан хаан аҕыйааһына (анемия) олус элбэхтэ көстөр: статистика көрдөрөрүнэн аан дойду дьоно түөрт гыммыт биирэ хаан аҕыйааһынынан ыалдьар. Ол эрэн биһиги дьолбутугар үгүһэ улахан куттала суох көрүҥэ, ол эрэн олор да доруобуйаҕа уонна уйулҕаҕа дьайыахтарын сөп.
Билэрбит курдук, хаан аҕыйааһына – хаан кыһыл эттиктэрэ (эритроциттар) эбэтэр хаан кыһыл эттиктэригэр баар хааны кырааскалыыр вещество (гемоглобин) аҕыйааһыныттан үөскүүр. Ити клеткалар эт-хаан (организм) туох баар тканнарын уонна клеткаларын кислородунан хааччыйар, ол иһин хаан аҕыйааһыныгар киһи тыынын хаайтарар.
Хаан аҕыйааһынын сүрүн көстүүтэ – сэниэтэ суох буолуу. Бу манна туох да киһи соһуйара суох: клеткаларга кислород тиийбэтиттэн сылтаан, кинилэр баар кислороду харыстаары үлэлэрин аччаталлар. Ол эрэн хас биир сылайыы түбэлтэтэ хаан аҕыйааһыныттан буолбатах, тоҕо диэтэр сылайыы төрүөтэ элбэх.
Ыарыы сибикитэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Үөрүөх иһин биһиги эппит хааммыт олус үчүгэйдик бэйэтин харыстанар кыахтаах, өр кэмҥэ хаан кыһыл эттиктэрэ (эритроциттар) уонна хаан кыһыл эттиктэригэр баар хааны кырааскалыыр вещество (гемоглобин) тиийбэтин ситэрэн толорон биэрэр.(Намыһах салгын баттааһыннаах сэдэхсийбит салгыҥҥа хайа олохтоохторо үөрэнэн хаалалларын курдук). Ол эрэн син биир хаһан эмит эппит хааммыт хаан аҕыйаҕын туруулаһарыгар, кистииригэр сэниэтэ бүтэр. Бу буолар түгэнигэр хаан аҕыйааһына биллэрдик көстөн киирэн барар.
Хаан аҕыйааһынын сүрүн бэлиэлэрэ – аҕылааһын, үлэлиир кыах уонна болҕомто мөлтөөһүнэ, кыыһырыы. Онтон сылтаан киһи куһаҕан турукка киирэр, тоҕо диэтэр кини ткааннара наадалаах кислороду ситэ ылбаттар! Элбэх хаанын суох буоллаҕына тириин кубарыйар, илии атах куруук тоҥор уонна тымныы буолар. Ити хаан эргиириттэн тутулуктаах, эттиктэрин( тирииҥ уонна эттиктэрин) бастакыннан билэллэр хаан эргиирэ мөлтөҕүн. Өссө биир бэлиэ – пульс үрдээһинэ: то5о диэтэр сүрэх ткааннарга кыра да соҕус буоллар, хааны уонна кислороду тиэрдэ сатыыр. Ол түгэҥҥэ мэйии эргийиэн уонна төбө ыалдьыан сөп.
Көмө
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Хаан аҕыйааһынын бары бэлиэтин хас биирбит хаһан эрэ син биир көрсө сылдьыбыт буолуохтаах. Бу бэлиэлэр киһи соһуйуох уратылара суох – пульс түргэтээһинэ, аҕылааһын, сэниэтэ суох буолуу ону таһынан мэйии эргийиитэ сүүрүү кэннэ үөскүөхтэрин сөп. Бу көстүүлэринэн хаан аҕыйааһына буолбутун билиэххэ сөп, ол эрээри диагноз туруоруута кыаллыбат.
Угус ыарыы курдук, хаан аҕыйааһынын эмтиирдээҕэр эрдэ сэрэтэр ордук. Хаан аҕыйааһына сүрүн төрүөтэ железа, тоҕо диэтэр сөптөөх аһылыгы тутуһан аһааһын улахан оруолу оонньуур Железоннан баай ас-үөл:
Быар, кыһыл эт, муора аһа, сухофрукта, эриэхэлэр, брокколи; бүтэй туорахтаах ас уонна шпинат;
Туһаныллыбыт литература:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- "Саха Сирэ" хаһыата 2013 сыл Алтынньы 18 кунэ