Иһинээҕитигэр көс

Тиэрмин

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Инники көрбүт икки араҥабытыттан ураты тыл тылдьыт састаабыгар тиэрмин тыллары араарыахха сөп.

Тиэрмин диэн билим, тиэкиникэ уонна үлэ-идэ хайа эмэ тустаах салаатын иһинэн биир чопчу өйдөбүлү бэлиэтиир тыл ааттанар. Холобур, пиисикэҕэ эттик, сардаҥа, сырдык, электричиэстибэ, ампер, ом, вольт, электрон, ядернай, квантовай миэдисиинэҕэ клиника, диагноз, хирург, терапевт, стенокардит, метастаз, инвазия, синдром, атаксия, анамнез, биопсия, этиология диэн тыллар. Ити курдук, билим, тиэкиникэ, ускуустуба, үлэ-идэ хас биирдии салааларын аайы үгүс ахсааннаах аналлаах тыллар бааллар.

Тиэрмин тыллар билим, тиэкиникэ, ускуустуба өйдөбүллэрин бэлиэтииллэр. Онон суолталарын ис хоһооно научнай, техническэй дакаастабылынан чопчуламмыт уонна национальнай тыл уратыларыттан тутулуга суох интернациональнай буолар. Ол иһин, тиэрмин тыллар үгүс өттүлэрэ аан дойду үрдүнэн тарҕаныылаахтар. Ити тиэрминнэр бүттүүн лиэксикэ тылларын суолталарын ис хоһооно билим көрдөрүүлэрин чопчуламмат, тустаах норуот өйдөбүлүгэр олоҕурар, ол иһин үгүс өттүгэр национальнай майгылаах буолар. Тиэрминнэр уратыларынан, чинчийиилэринэн итиниэхэ эбии экспрессивнэй-эмоциональнай кырааскалара суоҕун ыйаллар. Ол эрээри, итинник кырааска, тиэрминнэргэ эрэ буолбакка, бүттүүн лиэксикэ үгүс өттүгэр эмиэ суох буолар.

Суолтарынан төһө да уратылаахтарын иһин тиэрмин тыллар бүттүүн лиэксикэни кытта таарыйсыбат буолбатахтар. Тиэрминология сорох өттө бүттүүн лиэксикэттэн төрүттэнэр. Холобур, бүттүүн тылга киһи-сүөһү миэстэлэрин бэлиэтиир төбө, мэйии, сүрэх, быар, тыҥа, куртах, илии, тымыр курдук тыллар анатомия тиэрминнэрэ буолаллар. Эбэтэр ийэ, аҕа, абаҕа, таай, саҥас, түҥүр, ходоҕой, биллэх, бэргэн, бадьа курдук уруурҕаһыы тыллара этнография тиэрминологиятыгар киирэллэр. Ити курдук зоологияҕа, ботаникаҕа, географияҕа уо.д.а. уобаластарга саха бүттүүн тыллара туттуллаллар. Оннук түбэлтэҕэ тыл тиэрминологическай суолталанар. Ол суолтата кини бүттүүн тыллара туттуллар суолтатын кытта сөп түбэсиһиэн да, түбэсиһиэ да суоҕун сөп. Оттон астрономияҕа Сир диэн тыл суолтата (планета өйдөбүлэ) бүттүүн тылга туттуллар суолтатын кытта сөп түбэспэт. Ол курдук уу диэн тыл химия тиэрминин быһыытынан суолтатын ис хоһооно бүттүүн тылга өйдөбүлүн кытта биир буолбатах.

Итинтэн бүттүүн тыл тылын тиэрминологическай суолтата бүттүүн лиэксикэҕэ киирэрин эбэтэр киирбэтин быһаарыы соруга тахсар. Онно тыл тиэрминологическай суолтата бүттүүн тылга төһө туттулларынан көрүлүөхтээх. Холобур, Сир диэн тыл тиэрминологическай суолтата билигин космонавтика быраактыкатынан сибээстээн бүттүүн тылга киэҥник туттуллар, өйдөнөр, онон бүттүүн лиэксикэ ылыммыт суолтата буолар. Оттон уу диэн тыл тиэрминологическай суолтата химия эрэ үөрэҕин иһинэн өйдөнөр, онон бүттүүн лиэксикэҕэ араарыллыбат.

Тиэрмин тыллар сорох өттүлэрэ киэҥник дуу эбэтэр киэҥэ суох тарҕаналлар. Холобур, билиҥҥи кэмҥэ космонавтика үгүс тиэрминнэрэ космонавт (кэпсэтии тылыгар кытта), космодром , полигон, скафандр, таһаарааччы, ракета, ыйааһыны сүтэрии, апогей, перигей уо.д.а. (сурук тылыгар) саха тылын бүттүүн лиэксикэтигэр киирдилэр. Ордук үгүстүк уопсастыбаннай бэлиитикэ тиэрминнэрэ бүттүүн тылга киирэллэр. Холобур: уопсастыба,социализм, коммунизм, демократия, өрөспүүбүлүкэ, партия, сэбиэт, парламент, диктатура уо.д а. Маннык тыллар тыл словарнай састаабыгар тиэрминологияҕа да, бүттүүн лиэксикэҕэ даҕаны киирсэр уопсай зона буолаллар. Бу зона тылларын лексикографтар билиҥҥи литэрэтиирнэй тыл тылдьыттарыгар көрдөрөллөр.