Сырдарья
Тас көрүҥэ
Сырдарья диэн Орто Азия ордук уһун өрүһэ. Уулааҕынан Амударья кэнниттэн иккис өрүс. Тянь-Шань хайаларыгар Нарын уонна Карадарья өрүстэр силлиһиилэриттэн үөскүүр. Уһуна 2212 км. Тардыытын иэнэ 219 000 км². Сүрүн салаалара Чирчик, Арыс, Чу, Сарысу. Уолан икки аҥар хайдыбыт Арал байҕалын хоту тобоҕор түһэр. Кыргыстаан, Узбекистан, Таджикистан, Казахстан дойдуларынан устар.