Сар элиэ
Тас көрүҥэ
Сар элиэ (лат. Buteo buteo, нууч. обыкновенный канюк) — сардар биис уустарыгар киирэр тыҥырахтаах көтөр. Өҥө араас буолар. Үксүн хараҥа. Аллараа өттө көхсүтүнээҕэр сырдык соҕус. Кутуруга балаһалардаах, кыратык төгүрүтүллүбүт. Атаҕа араҕас, цевката 80 мм кылгас, аҥаара түүлээх.