Иһинээҕитигэр көс

ПМН

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
ПМН миинэ, үрдүттэн көрүү.

ПМН - пехотаны (сатыы сэриини) утары миинэ. Аата нууччалы Противопехотная мина нажимная диэнтэн кылгатыы.

ССРС-ка оҥоһоллубута, 1950-с сылга Сэбиэскэй Армияҕа сэбилээһиҥҥэ ылыммыта. Билигин РФ, СНГ уо.д.а. дойдулар армияларыгар туттууллар

Корпуһа пластмассаттан оҥоһуллубут, иһигэр икки канаал баар, туруору уонна сытыары. Эстэр заряда 200г. тротил шашката. Үрдүтүгэр баттанар эрэһиинэ хаппах. Туруору ханаалга миинэ элбэрээгэ баар, сытыарыытыгар охсор механизм. Ол механизм оһуобай харыстааччылаах (предохранитель), миинэни харыйарын уонна иитэрин куттала суох гынар.

Детонируйдуур запаала 6,5 г тетрил шаашката уонна М-1 капсюль.

Характеристиката

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Корпус…………………………………………..пластмасс.
  • Маасса……………………………………….….550 гр.
  • Эстэр эттигин маассата (тротил)…..….200 гр.
  • Диаметра………………………………………..11 см.
  • Үрдүгэ ……………………………………..……5.3 см.
  • Баттыыр датчигын диаметра………………………10 см.
  • Элбэрээгин үлэлэтэр ыйааһын……………………………8 — 25 кг.
  • Туттуллар температуралара…..-40 --+50 град.

Эстэригэр, үттээбит киһи уллуҥаҕын туура тардан ылар, иккис атаҕа эмиэ улаханнык эчэйиэн син. Эстии охсор долгунуттан киһи өйүн сүтэрэр. Бастакы көмө уонна госпитализация түргэнник оҥоһуллубатаҕына, кини ылдьар шоктан уонна хаан сүтэриититтэн өлөн туорун син.


  1. Инженерные боеприпасы. Руководство по материальной части и применению. Книга первая. — г. Москва: Военное издательство МО СССР, 1976.