Иһинээҕитигэр көс

Нью Йорк

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Нью-Йорк көстө)
Нью Йорк
New York City
Үөһээ хаҥастан: Манhэттэн Рокфеллер Киинин соҕуруута, Бруклин күргэтэ, Холбоһуктаах Нациялар салалтата, Көҥүл статуята уонна Times Square
Үөһээ хаҥастан: Манhэттэн Рокфеллер Киинин соҕуруута, Бруклин күргэтэ, Холбоһуктаах Нациялар салалтата, Көҥүл статуята уонна Times Square
Үөһээ хаҥастан: Манhэттэн Рокфеллер Киинин соҕуруута, Бруклин күргэтэ, Холбоһуктаах Нациялар салалтата, Көҥүл статуята уонна Times Square
Flag of Нью Йорк New York City
Flag
Official seal of Нью Йорк New York City
Seal
Хос аата: The Big Apple, Gotham, The City That Never Sleeps, The Capital of The World (Caput Mundi), The Empire City, The City So Nice They Named It Twice.
Нью Йорк илгэ
Нью Йорк илгэ
Нью Йорк илгэ
Координаталара: 40°43′ с. ш. 74°00′ з. д. / 40.717° с. ш. 74.000° з. д. / 40.717; -74.000 (G) (O)
Дойду  АХШ
Ил Нью Йорк
Куораттар Бронкс
Бруклин
Манhэттэн
Куинс
Стэйтен Айлэнд
Тэриллиитэ 1624
Cалалтата
 - Баhылык Майкл Блумберг (тутулуга суох политик)
Иэнэ
 - Куорат 468,9 sq mi (1214,4 km²)
 - Сир 304,8 sq mi (789,4 km²)
 - Уу 165,6 sq mi (428,8 km²)
 - Urban 3352,6 sq mi (8683,2 km²)
 - Metro 6720 sq mi (17 405 km²)
Үрдэлэ 33 ft (10 m)
Олохтоохторо (July 1, 2007)
 - Куорат 8 274 527
 - Чиҥэ 27 147/sq mi (10 482/km²)
 - Urban 18 223 567
 - Метро 18 815 988
 - Демоним New Yorker
Кэм курдааһына EST (UTC-5)
 - Сайын (Сайыҥҥы кэм) EDT (UTC-4)
Area code(s) 212, 718, 917, 347, 646
Сайт: www.nyc.gov

Нью-Йорк (ааҥл. New York City) диэн АХШ ордук улахан куората. Нью-Йорк метрополитена Аан дойдуга ордук улаханнарга киирсэр. Аан дойдутааҕы эргиэн, үп, култуура уонна аралдьыйыы киинэ буоларынан, Глобал (улахан суолталаах) куорат буолар. Холбоһуктаах Нациялар салалталара баар.

Нью Йорк макрокварталлара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Былыр бу миэстэҕэ Манахаттоу уонна Канарси диэн индийскэй билиэмэлэр олоро сылдьыбыттар. Инвуд-Хилл уонна Риверсайд бааркалар оройуоннарыгар ох саалары уонна да атын артефактар булуллубуттара, бу дьон олоро сылдьыбыттарын туоһулуур. Дьобуруопа дьоно 1624 с. кэлбиттэрэ биллэр. 1664 с. Аангылыйа байыаннайдара куораты былдьаан бас билбиттэрэ уонна Нью-Йорк диэҥҥэ уларыппыттар (герцог Йорский диэн бас билиини салайбыт киһи аатынан). Ол иннинэ Саҥа Амстердам (ааҥл. New Amsterdam) диэн ааттаах эбит.

XIX ү. иммиграннар кэлэннэр куорат олохтоохторун ахсаана биллэ үрдүүр. 1825 с. Нью-Йорк Филадельфия куораты ситэн АХШ-га ордук улахан куорат буолар. ХХ ү. саҕаланыытыгар бырамыысыланнас, атыы-эригэн уонна сибээс киинэ буолар. 1904 с. Интерборо-Рэпид-Трэнзит метрону оҥорор бастакы хампаанньа арыллар. 1930-сс халлааҥҥа тиийэр дьиэлэр тутуллан барбыттара.

Холбоhуктаах Штаттар хотугулуу илинигэр, Атлантическай океан кытылыгар турар. Биэс ирээттээх: Бронкс, Бруклин, Манhэттэн, Куинс уонна Стэтен Айлэнд.

2008 с. учуонайдар быһаарыыларынан, куорат хоту өттүгэр 40 км ыраах сиргэ икки геологическай алдьаныылар бааллара биллибит. Бу манна 7 магнитудалаах сир хамсааһына тахсыан сөп эбит.

Олохтоохторун ахсаана 8,274,527, иэнэ 790 км2. Нью Йорк метрополитен сирин олохтоохторун ахсаана 18,815,988 уонна иэнэ 17,400 км2.

2005 сыл көрдөрүүтүнэн, Нью-Йорка 170 араас тылынан саҥарар дьон баара биллибит. Олортон 36%-на имиграннар.

2010 с. Нью-Йорк куоракка 48,7 мөлүйүөн турист кэлэ сылдьыбыт.

Нью-Йорк аан дойду үрдүнэн киэҥник биллэр сирдэрдээх: Көҥүл статуята, Уолл Стрит, New York Stock Exchange, Empire State Building уо.д.а.