Лэкээрик мэкчиргэ
Тас көрүҥэ
Лэкээрик мэкчиргэ (нууч. Воробьиный сыч, лат. Glaucidium passerinum) — мэкчиргэлэр кэргэннэригэр, лэкээрик мэкчиргэлэр уустарыгар киирэр тыҥырахтаах көтөр. Мэкчиргэлэртэн саамай кыралара.
Атыыра кынатын далааһына — 94-102 мм, ыйааһына 50-70 г. Саха сирин соҕуруу өттүн олохтооҕо, ареаалын хотугу кыраныыссата 64 кэтирээһининэн ааһар. Илин кыраныыссата Алдан өрүс тардыытынан. Кыһын-сайын көһөр. Кутуйахтарынан аһылыктанар, арыт чыычаахтыыр. Аһын мас көҥдөйүгэр хаһаанар.
Сэдэх көтөр, Саха АССР Кыһыл кинигэтигэр киирбитэ (III хаттыгас)[1].
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Знаете ли Вы птиц Якутии? Б.И.Сидоров, Бичик, 1999