Дьаһаах
Дьаһаах, Ясак (монг. засаг — власть; тат. ясак — натур. подать, башк. яһак — подать, налог) — нуучча судаарыстыбата Сибиир туора урдустарыттан хомуйар түһээнэ. Үксүн түүлээҕинэн буолара.
Устуоруйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Дьаһаах диэн тыл нуучча тылыгар кинилэр Сибиири баһылаан, остуруоктары тутаттаан олохтоох норуоттарга түүлээҕинэн нолуок (дьаһаах) түһэрэн хомуйар буолбуттарын кэннэ киирбитэ. Саҥа сирдэри баһылаан, дьаһаах төлөтөөһүн ыраахтааҕы уһун илиитин сүрүн сыала-соруга этэ. Дьаһааҕы хааһынаҕа күндү түүлээх кииһинэн, саһылынан уо.да.а. хомуйаллара, ардыгар сүөһүнэн кытта ылаллара. Бу хомуллубут күндү түүлээх хааһына сүрүн дохуота уонна эргинэр табаара буолбута. Бастаан хомуйалларыгар дьаһааҕы Сибиирдээҕи бирикээс (Сибирский приказ) дьаһайара, 1763 сыллаахтан күндү түүлээх (мягкая рухлядь) Ыраахтааҕы Кэбиниэтигэр туттарыллар буолбута. Дьаһаах түһээнэ хас биис ууһун ахсын дьонун ахсааныттан уонна тугунан дьарыгыралларыттан көрөн тус туһунан кээмэйдээх олохтоноро. Дьаһааҕы төлөттөрөөрү оҕону, дьахтары солуок (аманаат) гына тутан ылан хаайаллара. Дьаһааҕы төлөөһүнү олохтоох нруоттар улахан баттал курдук ылыммыттара.
Онуоха эбии дьаһаах хомуйааччылар олус хабырдык, орлук-хоһу хомуйар, уорар этилэр. Онон сылтаан үгүс элбэх үҥсүү киирэн, 1727 с. саҥа укаас таһаарарга күһэллибиттэрэ, мантан инньэ дьаһааҕы күндү түүлээҕи кытта, харчынан кытта хомуйарга. Сотору харчынан хомуйар барса суоҕа биллэн, 1739 с. миниистирдэр сэбиэттэрэ резолюция ылыммыта. Дьаһааҕы кииһинэн эрэ хомуйарга, тиийбэт буоллаҕына атын күндү түүлээҕинэн солбуйарга, ханнык да түүлээх суох түгэнигэр, биирдии киис оннугар 3-түү солкуобайы тутарга.
Дьаһаах хомуйааччылар уоралларын тохтоппотохторо. Инньэ гынан 1763 с. бырабыыталыстыба дьаһаах хомуйуутун бэрээдэктиир инниттэн Сибииргэ секунд-майор сыбаанньалаах Щербачев диэн киһини командировкалаабыта. Щербачев миэстэтигэр олохтообут хамыыһыйалара, чинчийэн, үөрэтэн баран, саҥа дьаһаах түһээнин оҥорбуттара. Мантан инньэ биис уустара кинилэргэ ыйыллыбыт (анаммыт) эрэ күндү түүлээҕинэн дьаһаах төлүүллэригэр. Сатаан бултамматах кэмигэр атын түүлээҕнэн эбэтэр харчынан төлүүллэрэ көҥүллэммитэ. ХIХ-с үйэ саҕаланыытыгар дьаһаах төлөөһүнүн төлөбүрэ уларыйбыта, тоҕо диэтэххэ уустар ахсааннара элбээбитэ, олохторо да байылыат буолбута. 1827 с. тэриллибит хамыыһыйалар 1822 ылыллыбыт устаапка олоҕуран олохтоох норуоттары: олохтоох омуктар, көс омуктар уонна бэйдиэ сылдьар омуктар диэннэргэ араартаабытара уонна көс, бэйдиэ сылдьар омуктарга 1763 с. олохтоммут дьаһааҕы оннунан хаалларбыттара, 44-кэппиэйкэлээх түһээни эрэ соппуттара, олохтоох омуктарга баайдарыттан, дьадьаҥыларыттан көрөн дьаһаах төлөбүрүн олохтообуттара. Бу олохтоммут дьаһаах төлөбүрэ олох хойукка дылы уларыйбатаҕа.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|