Иһинээҕитигэр көс

Филателия

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Россия марката

Филателия диэн почта мааркаларын үөрэтэр билим. Үксүгэр филателист диэн маркалары хомуйар киһини ааттыллар, ол гынан баран маркалары хомуйбакка даҕаны филателиянан интириэһиргиир буоллаҕына филателист буолуон сөп.

Тыл этимологията

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Поронсуус Жорж Херпин 1864 сыллаахха тарҕаппыт тыла буолар.[1] Херпин алта-сэттэ сыл маркалары хомуйааһын уонна үөрэтии тимбромания диэн ааттыылларын сөбүлээбэт эбит[2] Ол иһин грек тылын фил, филия диэн тугу эрэ сөбүлүүр диэн тылы ылан ателейа диэн нолуоктан уонна сбортартан босхоломмут диэн суолталаах тыллары холбообут.[3] Ол аата хомуйар уонна үөрэтэр мааркалара номнуо почтанан ыытыллыннаҕына ол суругу тутааччы ол иһин харчы төлөөбөт диэн быһаарбыт.

Филателияны өйүүр элбэх тэрилтэлэр баллар. Сорох тэрилтэлэр ханнык эмит сиргэ эрэ үлэлииллэр, онтон сороҕо дойдуларынан уонна аан дойдуга үлэлиир тэрилтэлэр бааллар.

  1. Herpin, Georges. «Bapteme» in Le Collectionneur de Timbres-Postes, Vol.I, 15 November 1864, p.20.
  2. Williams, L.N. & M. Fundamentals of Philately. State College: The American Philatelic Society, 1971, p.20.
  3. Sutton, R.J. & K.W. Anthony. The Stamp Collector’s Encyclopaedia. 6th edition. London: Stanley Paul, 1966, p.232.