Уксуус
Тас көрүҥэ
Уксуус (был.-гириэк. ὄξος) — уксуус кислотаалаах ас астыырга туттуллар убаҕас. Испиирдээх убаҕастан (арыгыттан) уксуус бактерияларын көмөтүнэн көөнньөрөн оҥороллор. Былыргыттан биллэр. Өҥө суох биитэр биллэр-биллибэт өҥнөөх, хатан сыттаах убаҕас.
Айылҕа уксууһа уксуус кислотаатыттан ураты атын аһылыкка туттуллар кислотаалардаах (лимон, виннокаменнай, яблочнай уо.д.а.), альдегидтардаах, эфиирдэрдээх, уустук испиирдэрдээх. Ол иһин туспа сыттаах буолар.
Оттон уксуус кислотаатын суурайан оҥоһуллубут уксуус оннук киһи сэргиир сыта суох буолар. Уксуус кислотаатын сыта эрэ баар буолар.
Бу айылҕаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |