Лу Синь
Жоу Цурень | |
---|---|
Айбыт аата | Лу Синь |
Идэтэ | эссе суруйааччыта, кириитик |
Суруйбут кэмэ | 1881–1936 |
Influences
|
Лу Синь (кит. трад. 魯迅, упр. 鲁迅, пиньинь: Lǔ Xùn, палл.: Лу Сюнь, диалектаахтык аахтахха - Синь; 1881 сыл балаҕан ыйын 25 — 1936 алтынньы 10 күнэ), дьиҥ аата Чжоу Шужэнь (кыт. 周树人) — литература сайдыытыгар уонна Кытай XX үйэ общественно-политическай олоҕугар улахан сабыдыалы оҥорбут Кытай суруйааччыта. Кытай аныгы литературатын олохтооччунан ааҕыллар. Ордук биллэр айымньылара: «А-Кью туһунан дьиҥнээхтик», «Иирээки күннүгэ».
Олоҕун олуктарыттан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1904 сыллаахха Япония Сэндай медицинскэй академиятыгар үөрэнэ киирбитэ. Онно бастакы кытай устудьуона буолбута. Ол эрэн бүтэрбэтэҕэ 1906 сыл кулун тутарыгар эмискэ үөрэҕин быраҕан кэбиспитэ. Ону кэлин маннык быһаарбыта. Биирдэ нуучча-дьоппуон сэриитин (1904-05) саҕанааҕы кытай үспүйүөннэрин дьоппуоннар өлөрөр хаартыскаларын көрбүт, онно кини билэр киһитэ баара үһү, ол өлөрүүнү атын кытайдар таах көрө кэлбиттэрин көрөн, аһыныгаһа суохтарыттан улаханнык мунчаарбыт. Дьону эттэрин-сииннэрин ыарыыттан эмтиирдээҕэр дьон кутун-сүрүн эмтиир ордук туһалаах дии санаабыт, уонна үөрэҕин быраҕан кэбиспит. Устунан суруйааччы буолардыы сананан Токиоҕа тиийэн филолог Чжан Тайян диэн киһини кытта бодоруспут, Европа уонна нуучча суруйаачыларын хас да кэпсээннэрин тылбаастаан таһааттарбыт.
Токиоҕа үс сыл олорбут уонна ол кэмҥэ Кытай билимин устуоруйатын, Кытай уонна Европа литэрэтиирэтин, Кытай уопсастыбатын, итэҕэлин туһунан айымньылары суруйбута, атын омук тылларыттан уус-уран айымньылары тылбаастаабыта. Гоголь айар үлэтин үрдүктүк сыаналыыра, "Мертвые души" айымньытын кытайдыы тылбаастаабыта.
1936 сыллаахха алтынньы 19 күнүгэр сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Өлөрүгэр икки эссены суруйан хаалларбыта: "Өлүү" уонна "Бу эмиэ олох".
Лу Синь аатынан кэлин Меркурийга кратер ааттаммыта. Шанхаайга кини аатынан пааркаҕа мавзолейга харалла сытар.
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |