Иһинээҕитигэр көс

Сүрүн сирэй

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыстатыйаны саҕалыырга көмөлөһөр Сирдьит баар. Сигэтин аллара маннык кинигэ ойуутун таһыгар булуоҥ nothumb.

Сахалыы буукубалар браузергар тахсыбат буоллахтарына маны баттаа

Бикипиэдьийэ — бу элбэх омук тылынан суруллар аһаҕас энциклопедия
Манна ким баҕалаах талбыт ыстатыйатын уларытар эбэтэр саҥа ыстатыйаны суруйар кыахтаах. Билигин Бикипиэдьийэҕэ 17287 сахалыы, уонна атын 330 омук тылынан өссө 63 мөлүйүөнтэн тахса ыстатыйа баар.

nothumb
nothumb
Энциклопедия сахалыы ыстатыйалара

Категорияларынан бөлөхтөөһүн — Алпаабытынан сааһылааһын — Саҥа ыстатыйаны Сирдьит көмөтүнэн суруйуу

  
nothumb
nothumb
Бикипиэдьийэ туһунан

Бастаан маны аах — Ыйытыылар (Стол вопросов) — Кэпсэтэр сир — Суруйуу сиэрэ

Саргы-дьаалы Сахам тыла,
Айхал-алгыс Сахам тыла,
Уруй олук Сахам тыла,
Кун бэлэҕэ Сахам тыла,
Эйигин мин ыҥырыаҕым,
«Ийээ!» диэммин хаһыытыаҕым.
Тоҕойдору туораан ис,
Арҕастары ааһан ис,
Саргы дьайаан Сахам тыла,
Сарыал санаа — Сахам тыла!
Саха народнай суруйааччыта
Бүөтүр Тобуруокап
  
Бырайыак кылгас устуоруйата маннык — бастаан 2006 сыл бүтэһигэр: бу тугуй, тоҕо атын омуктарга баарый, биһиэхэ суоҕуй, — диэн ыйытыылар кэнниттэн: арай?, тоҕо сатаныа суоҕай? — диэн саарабыл кэнниттэн: ээ, чэ холонон көрүөххэ, — диэнтэн тахсыбыт суол.

Кыттар дьон араас идэлээх, араас дойдуга олорор, саастарынан эмиэ тэҥэ суох дьон.

Биһиги санаабытыгар дьон элбэхтик кытыннаҕына, бэрт эбит диэн биһирээтэҕинэ, сүрдээх, кэскиллээх буолар туруктаах бырайыак. Күн-түүн көннөрү дьон көмөтүнэн ис хоһооно да тупса, ыстатыйатын ахсаана да элбии турар.

Тохсунньу 9 күнэ

  • Ииндийэ Ииндийэ — Дойду таһыгар олорор индиецтэр күннэрэ

Түбэлтэлэр

  • 1127Чжурчженнэр Хотугу Кытайга баар ол саҕанааҕы аан дойду саамай улахан куоратын Бяньцзини (Кайфэн) сэриилээн ылбыттар уонна талаабыттар. Хотугу Сун судаарыстыбата суох буолбут, бүтэһик императоры чжурчженнэр бэйэлэрин дойдуларыгар хоту көскө ыыппыттар.
  • 1634Сахалар Өлүөнэ остуруогун төгүрүйбүттэр, олунньу 28 күнүгэр дылы оннук олорон баран бороҕоннор уонна хаҥаластар тыл тылларыгар киирсибэккэ баран хаалбыттар.
  • 1799Улуу Британияҕа аан дойдуга бастакынан подоходнай нолуок киллэриллибит.
  • 1906Арассыыйаҕа 1905-1907 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ буола турдаҕына Василий Никифоров - Күлүмнүүр тэрийбит Сахалар сойуустарын чилиэннэрэ икки сүүстэн тахса буолан Дьокуускай Думатыгар кэлэн, заседание буола турдаҕына дьиэҕэ киирэн дьокутааттары үлэлээн бүтэллэригэр модьуйбуттар. Кинилэр сүрүн этиилэрэ – Саха омуга Сахатын сирин бас билиэхтээх уонна бэйэтин салайыныахтаах диэни туруорсуу. Дьокутааттар “саҥа састаап талыллыар диэри үлэбитин тохтотобут” диэн үлэлэрин тохтоторго күһэллибиттэр. Губернатор Виктор Булатов өлөрдүү уолуйан Петербурга “инородецтар бас баттах баран эрэллэр, суһаллык 200 киһилээх уонна пулеметтаах этэрээти ыыта охсуҥ” диэн дакылааттаабыт. Сотору кэминэн Сахалар сойуустарын Киин Кэмитиэтин чилиэннэрэ кистэлэҥинэн хаайыллыбыттара, онтон бэйэни салайыныы туһугар хамсааһын 1917 сыллаахха дылы уостубута.
  • 1919Гражданскай сэриигэ Арассыыйа соҕуруу өттүгэр сэриилэһэр үрүҥнэр Добровольческай аармыйаларын «хара барон» Петр Врангель баһылаабыт.
  • 1930 — Саха сирин улуустара билиҥҥи кыраныыссаларынан тэриллибиттэр. Онон сорох улуустар төрүттэммит күннэрин-дьылларын мантан ааҕаллар. Ол курдук Бүлүү, Мэҥэдьэк, Өлүөхүмэ, Сунтаар уонна Уус-Алдан оройуоннара тэриллибиттэр.
  • 1992 — Астрономнар устуоруйаҕа бастакынан Күнтэн атын сулус таһыгар планеталары булбуттар.
  • 2007Сан-Францискоҕа Macworld презентациятыгар Apple хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Стив Джобс бастакы iPhone-у көрдөрбүт.

Төрөөбүттэр

  • 1908 — Симона де Бовуар — Франция суруйааччыта, бөлүһүөгэ, феминизм идеологиятын төрүттээччитэ.
  • 1909 — Юрий Шафер — Дьокуускайдааҕы Космофизическэй чинчийии уонна аэрономия институтун төрүттээбит физика-математика билимин дуоктара, ССРС билимҥэ уонна техникаҕа Государственнай бириэмийэтин лауреата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кытыылааҕа.
  • 1939Иван Романов — Саха сирин устуоруйатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр

Телеграм-ханаалбытыгар суруттаххына биһиги да үөрүөхпүт, бэйэҥ да астыныаҥ ;)

Билэҕин дуо…

Теҥри (таҥара) диэн тыл былыргы түүр бичигинэн
  • 1926 с. алтынньытыгар Э.К.Пекарскай тылдьытыгар бүтэһик тыллары суруйбут. Ол туһунан Саха Сирин правительствотын Председателигэр М.К. Аммосовка телегамма охсубут. Правительство политкаторжаннар Ленинградтааҕы обществоларын кытта Тылдьыт ааптарын чиэстээһини тэрийбиттэр.
  • Бүлүү өрүс бассейныгар 15664 уу салаата сүүрүгүрдэн киирэр. Онтон улахан салаалара: Марха, Чуона, Улахан Вава, Ахтаранда, Улахан Ботуобуйа, Түҥ, Түүкээн онтон да атыттар. Өрүс бассейныгар 67266 күөл баар, онтон улаханнара Нидьили (119 кв. км), Сүгдьээр (80 кв.км), Богуда (22,6 кв. км), дириҥнэрэ - Муоһааны (110 м).
  • Француз чинчийээччитэ Кароль Ферре былыргы сахаларга олохторун-дьаһахтарын сүрүннүүр сүрүн өйдөбүлүнэн ат-сылгы буолар дии саныыр. Кини аттаахтар цивилизациялара диэн өйдөбүлү киллэрбит.
  • Былыргы түүр бичигэ балтараа тыһыынча сыл устата (15 үйэ) туттуллубут. X-с үйэҕэ симэлийэн, атын суругунан уларытыллан барбыт.
  • Аатырбыт "Земля Санникова" диэн кинигэ уонна киинэ геройун сиэнин дьиэтэ Дьокуускайга хойукка дылы турбут үһү. Билигин Кружалоҕа саҥаттан тутуллубут "Атыыһыт Санников дьиэтэ" диэн баар.
  • Аттила 452 сыллаахха Италияҕа кимэн киирэн римляннары кыайбыта, ол гынан баран Рим папатын Леону кытта кэпсэтии кэнниттэн дойдутугар төннүбүтэ. Бу түгэн история биир улуу кистэлэңинэн ааҕыллар.
  • Исландияҕа саха атыгар майгынныыр аттар бааллар.
  • Бу Италияттан төрүттээх ас аата устурууна диэн тылтан тахсыбыт эбит.
  • Сорох саха тылларын атын омук тылыгар сатаан тылбаастыыр кыах суох.

Соторутааҥы ыстатыйалар

Ааҕыҥ, көннөрүҥ

Бу күннэрдээҕи уларыйыылар — ким тугу суруйбутун көрүөххэ сөп.

Бу саҥа ыстатыйалар, онон өссө чочулла илик буолуохтарын сөп. Алҕастаах буоллахтарына харса суох көннөрүҥ.

    

Бүгүҥҥү ойуу

"Гимеслиттер" арт-инсталляцията(Билли Таннер, 2022/2023), сибэтиэй Ламебрти таҥара дьиэтэ, Мюнстер, Хотугу Рейн Вестфалия, Германия

Үчүгэй (сэргэммит) ыстатыйа

Тыаһыт, 1926

Тыаһыт, Николай Николаевич Павлов — репрессияҕа түбэһэн өр сылларга умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэмҥээҕи саха суруйааччыта.

1922 сыллаахха Саха уобалаһа Сэбиэскэй автономнай өрөспүүбүлүкэҕэ кубулуйуутугар куораттан төннөн иһэн эмиэ үрүҥнэргэ түбэһэн ытылла сыһар, хата аймаҕа этэрээккэ баар буолан быыһыыр. Онтон үрүҥнэртэн күрээн куоракка киирэн педтехникумҥа ылаллар. Техникум ячейкатын бюротун чилиэнинэн талыллар.

(өссө…)

Бастыҥ ыстатыйа

Яков Федорович Санников (1844—1908) — өбүгэлэрин үгэстэрин тутуһан нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн улахан үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта. Кини суон сураҕа Муустаах байҕал кытыытынан эрэ буолбакка, бүтүн Россия үрдүнэн биллибит. Булуҥҥа былыр «халлааҥҥа таҥара, биһиэхэ Яков Санников» дииллэр эбит. 1886 сыллаахха доктор Бунге экспедициятыгар көмөлөспүт. 1894 сыллаахха барон Толль Ф.Нансеҥҥа депо тутарыгар көмөлөспүт. Ол өҥөлөрүн иһин икки кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт (онтон биирин Швеция ыраахтааҕыта Оскар биэрбит).

(өссө…)

Көмүөл күүһэ

Бүгүн бу ыстатыйалары тупсарабыт, тылбаастыыбыт:

Амма улууһа — Бастыҥ ыстатыйаҕа хандьыдаат

Ыстатыйаны уларытыы киинэ курдук көстүүтэ: Көмө:1-кы уруок

Ыҥырыы

Хаһыаттарга, сурунаалларга, атын да сирдэргэ Бикипиэдьийэни ахтыбыт буоллахтарына биһиги үөрэбит. Тоҕото өйдөнөр — ол аата үлэбит си-дьүгээр хаалбатын, дьоҥҥо туһалааҕын бэлиэтэ. Ити бастакытынан. Иккиһинэн — төһөнөн элбэх киһи билэр да, оччонон элбэх киһи кыттар. Онон күннүккүтүгэр (блогкутугар) кэмиттэн кэмигэр ахтар буолуҥ, элбэх дьоҥҥо туһаайан суруйар дуу этэр дуу буоллаххытына эмиэ бикипиэдьийэни кыбытар буолуҥ. Манна оннук ахтыллыбыт түгэннэр испииһэктэрэ баар.

Саҥа ыстатыйаны эбиэххэ

200 000+ Ааҥыл (English) · Испаан (Español) · Италия (Italiano) · Ниэмэс (Deutsch) · Нидерлаан (Nederlands) · Поляк (Polski) · Португаал (Português) · Нуучча (Русский) · Француз (Français) · Швед (Svenska) · Дьоппуон (日本語)
100 000+ Арааб (العربية) · Волапюк (Volapük) · Каталон (Català) · Кытай (中文) · Норвежскай (Norsk) · Румыын (Română) · Туурок (Türkçe) · Украин (Українська) · Фиин (Suomi) · Чех (Čeština) · Эсперанто (Esperanto)
50 000+ Болгаар (Български) · Мадьаар (Magyar) · Дания (Dansk) · Иврит (עברית) · Индонезия (Bahasa Indonesia) · Кэриэй (한국어) · Литовскай (Lietuvių) · Серб (Српски) · Словаак (Slovenčina) · Словен (Slovenščina)
20 000+ Баск (Euskara) · Бишнуприя-манипури (ইমার ঠার/বিষ্ণুপ্রিয়া মণিপুরী) · Босния (Bosanski) · Вьетнам (Tiếng Việt) · Галисийскай (Galego) · Гириэк (Ελληνικά) · Грузиин (ქართული) · Малаай (Bahasa Melayu) · Неварскай (नेपालभाषा) · Норвегия-Нюнорск (Nynorsk) · Персия (فارسی) · Себуан (Sinugboanong) · Таай (ไทย) · Телугу (తెలుగు) · Судургу ааҥыл (Simple English) · Хорваат (Hrvatski) · Эстон (Eesti)
Түүр тыллара АзербайджанАлтаайБашкиирГагаузКазаахКаракалпаакХарачай-БалкаарКыргыысКырыым татаарСоҕуруу азербайджааннар тыллараТатаарТуркменТууракУзбекУйгуурЧувааш

Бары тыллар · Multilingual coordination · Бикипиэдьийэ саҥа тылынан · Саҥа сайдан эрэр салаалары өйөөһүн

 

Уруулуу ситимнэр

Wikimedia Пуондата элбэх омук тылынан тахсар, көҥүл уларытыллар уонна туһаныллар хас да тус-туһунан бырайыактардаах:

Биики Тылдьыт
Тылдьыт уонна тезаурус
Wikibooks
Үөрэх кинигэлэрэ
уонна ыйыылар-кэрдиилэр
Биики Сонун
Сонуннар
Сахалыы бикитиэкэ
Айымньылар
Биики Домох
Бэргэн этиилэр, сытааталар
Биики Хааһах
Ойуулар, уонна да атын медиа-билэлэр
  Meta-Wiki
Бикимиэдьийэ пуондатын ситим-сирэ
Бикибэрситиэт
Көҥүл-босхо үөрэхтээһин матырыйааллара
 
Киирэн көрүҥ, сорох бырайыактар нууччалыы барыллардаахтар, холобур Викиновости эбэтэр Викицитатник